13 Акаары уол – аҕатын муҥа-таҥа; тыллаах дьахтар – астыбат ардах.
Соломуон ох тыллара: Муударай уол аҕатын дьоллуур, акаары уол ийэтин сордуур.
Өйдөөх уол аҕатын үөрдэр, акаары уол ийэтин түһэн биэрэр.
Доҕоруҥ эйигин мэлдьи таптыыр, сурдьуҥ эмиэ ыарахан кэмҥэр кыһалҕаҕын үллэстэр.
Акаарыны төрөппүт – кыһалҕаны төрөппүт: акаары аҕата үөрүүнү билбэт.
Акаары уолтан аҕата абарар, ийэтэ ыар санааҕа ылларар.
Куһаҕан майгылаах, киҥнээх дьахтары кытта бииргэ олоруохтааҕар кумах куйаарга соҕотоҕун олорбут ордук.
Киҥнээх дьахтардыын биир дьиэҕэ олоруох кэриэтэ хоспох муннугар соҕотоҕун олорбут ордук.
Тыллаах дьахтар астыбат ардах кэриэтэ – начааскыга да намыраан ылбат.