Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Аман өһө 18:4 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

4 Киһи тыла-өһө – чөҥөрө чүөмпэ, муударас төрдө – сүүрүктээх үрэх.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Аман өһө 18:4
11 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Кулуттарыҥ өлүктэрин халлаан көтөрдөрүгэр хааллардылар; сибэтиэй дьоҥҥун сир дьиикэй кыылларыгар бырахтылар.


Үтүө киһи тыла-өһө – өлбөт мэҥэ уута. Үөннээх киһи түөкэй – үктэтэн этэрин биллэриэ суоҕа.


Муударай киһи үөрэҕэ – өлбөт мэҥэ уута – бар дьону өлүү ситимиттэн өрүһүйүөҕэ.


Өйдөөх киһиэхэ өйө – өлбөт мэҥэ уута, оттон ньүдьү-балай накаастабыла – кини акаарыта.


Сидьиҥ киһи сэнэбилгэ сылдьар, куһаҕан киһи аата алдьанар.


Киһи санаата-оноото дириҥ уу кэриэтэ, ол эрээри өйдөөх ону баһан кэбиһиэҕэ.


Эриэн үөн ыамалара! Эһиги куһаҕан санаалаах эрээри, хайаан үтүөнү саҥарыаххытый? Сүрэҕиҥ тугунан туолбута уоскунан тахсар эбээт.


Оттон Мин биэрэр уубун иһэр киһи үйэ-саас тухары утатыа суоҕа. Мин биэрэр уум киниэхэ киирэн, бараммат олоххо сүүрүгүрэ устар дьүүктэ уута буолуоҕа».


Христос тыла бары муудараһы кытта бииргэ эһиги сүрэххитигэр өлгөмнүк олохсуйуохтун; псаломнары, айхал ырыаларын, духуобунай гимнэри Айыы Тойоҥҥо ис сүрэххититтэн махтанан туран ыллаан-туойан, бэйэ-бэйэҕитин үөрэтиһэр-өйдөтүһэр буолуҥ.


Хас биирдии киһиэхэ хайдах хоруйдууру билэр туһугар, этэр тылгыт өрүүтүн ис киирбэх, бэргэн буоллун.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ