10 Айыы Тойон аата – халыҥ хахха, суон дурда: кырдьыксыт онно хорҕойон быыһаныаҕа.
Күнтэн күн Эйигин мин алгыам, үйэттэн үйэҕэ Эн ааккын айхаллыам.
Таҥара кэрэмэн килбиэнин мэҥэ халлаан кэрэһилиир, Кини ураннаан оҥорбутун улуу куйаар туоһулуур.
Айыы Тойон, Эйигиттэн күүс ылан, ыраахтааҕы үөрэр, Эн көмөлөһөҥҥүн, кини үөрүүтэ муҥура суох.
Давид псалома. Эйигин мин ыҥырабын, Айыы Тойон; туруук таас хайам, миигин истэртэн аккаастаныма. Эн миэхэ хардарбат буоллаххына, мин бэйэбин өлбүт киһилии сананыам.
Кини, Айыы Тойон Дьиэтигэр олордуллан, Таҥарабыт тиэргэнигэр чэлгийэ үүнэр.
Үчүгэй даҕаны Айыы Тойону айхаллыыр, Үрдүктэн Үрдүк, Эн ааккар ырыа ыллыыр,
Айыы Тойоҥҥо ытыктабыл – бигэ көмүскэл, бэйэҕэр да, ыччаккар да халыҥ харысхал.
Ким дьонтон куттанар, ол угаайыга киирэн биэрэр, оттон ким Айыы Тойоҥҥо эрэллээх, ол көмүскэллээх.
«Мин Альфабын уонна Омегабын, төрүппүн итиэннэ бүтэр уһукпун», – диир билигин да, урут да баар, кэлиэхтээх Айыы Тойон, Барытын Тутан Олорооччу.