17 Доҕоруҥ эйигин мэлдьи таптыыр, сурдьуҥ эмиэ ыарахан кэмҥэр кыһалҕаҕын үллэстэр.
Итинник быһаарыылаах күҥҥэ саҥата-иҥэтэ суох хааллаххына, көмө да, өрүһүлтэ да иудейдарга атын суолунан син биир кэлиэҕэ, оттон эн туох баар уруулуун-аймахтыын бары өлүөххүт. Ким билэр, эн, баҕар, итинник өлөр-тиллэр күҥҥэ туһалаары, сарыысса буолбутуҥ буолаарай?»
Уодаһыннаах киһи дьону охсуһуннарар, хобуоччу эмиэ доҕордуулары өстөһүннэрэр.
Сорох сымыйанан доҕор-атас буолан кубулунар, ол эрээри ардыгар бырааккынааҕар да таптыыр доҕор баар буолар.
Акаары уол – аҕатын муҥа-таҥа; тыллаах дьахтар – астыбат ардах.
Дьадаҥыттан аймахтара кытта дьалты тутталлар, эгэ доҕотторо тэйбэттэрэ кэлиэ дуо! Эккирэтэ сылдьан кэпсэтэ сатыыр да, кинини ким да сэҥээрбэт.
Сибэтии гынааччы да, сибэтии буолааччылар да бары Аҕалара биир буолан, Кини бу дьону бырааттарым диэн симиттибэккэ этэр:
Руфь ийэ хотунугар эппитэ: «Миигин эйигин быраҕан барарга, дойдубар төннөргө күһэйимэ. Эн ханна бараҕын да, мин эмиэ онно барыам. Эн ханна хаалаҕын да, мин эмиэ онно хаалыам. Онон эн норуотуҥ мин норуотум буолуо, эн Таҥараҥ мин Таҥарам буолуо.