9 Барыахтаах суолгун барҕалыыгын эрээри, хардыыгын Айыы Тойон салайар.
Тиэтэй миэхэ көмөлөһөргө, Айыы Тойон, Быыһааччым миэнэ!
Тугу оҥоруохтааххын торумнанаҕын эрээри, түмүк тылы Айыы Тойон этэр.
Албыннаан-түөкэйдээн байыахтааҕар, дьадаҥытык да буоллар, кырдьыгынан сылдьыбыт ордук.
Сүрэх баҕата баһаам да, Айыы Тойон быһаарбыта эрэ туолуоҕа.
Хардыыгын Айыы Тойон салайар; ханнык суолунан барыахтааххын бэйэҥ хантан билиэҥий?
Ыраахтааҕы сүрэҕэ Айыы Тойон илиитигэр уу сүүрүгүн кэриэтэ: Айыы Тойон кинини хайа баҕарар диэки хайыһыннарыаҕа.
Хайдахтаах да улуу муударас, өркөн өй, өйдөөх сүбэ-ама Айыы ТойонУ утарар күүһэ суох.