16 Барҕа баайданан баран дьиксинэ олоруохтааҕар, дьадаҥытык да буоллар, Айыы Тойоҥҥо эрэллээх олорбут ордук.
Эйиэхэ мин эрэнэбин, Айыы Тойон; Эн хардарыаҕыҥ, Айыы Тойон Таҥарам.
Айыы Тойон алгыһа киһини байытар уонна кинини тугунан да санаарҕаппат.
Дьадаҥы олоҕо эргиччи кыһарҕан, оттон дьоллооххо күннэтэ малааһын.
Албыннаан-түөкэйдээн байыахтааҕар, дьадаҥытык да буоллар, кырдьыгынан сылдьыбыт ордук.
Иирээннээх дьиэҕэ малааһынныах кэриэтэ иллээх дьиэҕэ хаппыт килиэп хаҕын сии олорбут ордук.
Токур суоллаах-иистээх баай киһитээҕэр иҥэ-дьаҥа суох дьадаҥы быдан ордук.
Биллэн турар, итэҕэл олоҕо уонна туох баардааххынан толору дуоһуйуу – сүҥкэн барыс.