4 Ким оҕуһа суох, ол бурдуга эмиэ суох, оттон ким буулаҕа оҕустанар, ол баһаам барыстанар.
Айыы Тойон охтон эрэри барытын өйүүр, бүк түспүтү барытын өрө тардар.
Дьадаҥылар да сирдэрэ быйаҥнанар эрээри, үүнүүтүн кэрээнэ суохтар тутан ылаллар.
Акаары арбанабын диэн алдьанар, оттон муударай киһи көрсүө тылынан быыһанар.
Эрэллээх туоһу кырдьыгы этэр, албын туоһу кураанаҕы эрдэр.