3 Сидьиҥ киһи сир үрдүгэр тирэҕириэ суоҕа, оттон үтүө киһи бөҕө силистэниэҕэ.
Айыы Тойон – мин аналым, мин дьылҕам; Эн илиигэр баар инники олоҕум.
Күүстээх силлиэ түһүө да, сидьиҥнэри имири сотуоҕа, оттон кырдьыксыт үйэ-саас тухары тулхадыйыа суоҕа.
Көнө быһыы, ыраас сигили эркээйилээх суолунан сирдииллэр, оттон сидьиҥ сидьиҥи оҥоро сылдьан охтуоҕа.
Куһаҕан киһи күүстээх кириэппэһэ сууллуоҕа, оттон үтүө киһини туох да тулхадытыа суоҕа.
Христос итэҕэл аанынан киирэн сүрэххитигэр олохсуйарын, эһиги тапталтан силис тардан, тапталга тирэҕирэн,