10 Үтүө киһи сүөһүтүгэр кытта кыһамньылаах, оттон куһаҕан киһи муус сүрэхтээх.
Улуутумсуйар эрээри, туос аччык киһитээҕэр үлэлээн айаҕын булунар көннөрү киһи быдан ордук.
«Тойон! – диэбитэ дьахтар. – Эн уу баһар иһитэ суоххун, холуодьас буоллаҕына дириҥ, ол кэннэ өлбөт мэҥэ уута эйиэхэ хантан баар буолуой?
Моисей Сокуонугар «бурдук астыыр оҕуһу томторуктаамаҥ» диэн суруллар. Таҥара оҕуска кыһанан итинник этэрэ буолуо дуо?
Оттон баҕарара барыта баар үскэм олохтоох эрээри, биир итэҕэллээх быраата тиийиммэтин көрө-көрө, киниттэн хайыҥ охсунар киһиэхэ Таҥара таптала хайаан баар буолуоҕай?