27 Ким үтүөҕэ дьулуһар, ол Таҥара алгыһын ылар, ким кири-дьайы эккирэтэр, ол бэйэтигэр куһаҕаны ыҥырар.
Аманы таһааран били Мардохейга бэлэмнээбит остуолбатыгар ыйаан кэбиспиттэрэ. Ыраахтааҕы уора-кылына онуоха эрэ уҕарыйбыта.
көр, ол хара дьайдаахтар, ох сааларын аҥаабыллаан, оноҕосторун сааларын кирсигэр ыга тутан, көнө сүрэхтээхтэри хараҥаҕа ытардыы оҥостоллор.
Хара санаалаах хабырыйсар эрэ баҕалаах, онон киниэхэ хабыр утарсааччы ыытыллыаҕа.
Аччыктаабыты аһатар амарах киһи Айыы Таҥара алгыһын ылыаҕа.