1 Айыы Тойон албын ыйааһыны абааһы көрөр, Кини көнө атыыны-тутууну сөбүлүүр.
Сөпкө көрдөрөр ыйааһын – Айыы Тойон ирдэбилэ, мөһөөччүктээх киирэ эмиэ – Кини оҥоһуга.
Сыыһа көрдөрөр ыйааһын, сымыйа киирэ – Айыы Тойон хараҕар түктэри.
Сымыйа киирэ – Айыы Тойон хараҕар сидьиҥ суол, сыыһа көрдөрөр ыйааһын – эмиэ түктэри.