8 Онон кырдьык иһин бииргэ үлэлиир туһугар, биһиги итинник дьоммутун өйүөх-убуох тустаахпыт.
Ким эмэ эһигини дьиэтигэр киллэрбэтэҕинэ, этэргитин истибэтэҕинэ, ол дьиэттэн, эбэтэр куораттан тахсан иһэн, атаххыт быылын кытта тэбээн хаалларыҥ.
Ким эһигини ылынар – ол Миигин ылынар, ким Миигин ылынар – ол Миигин Ыыппыты ылынар.
Анарааҥҥыта дьиэ иһиттэн арай эттин: „Миигин аймаама, ааным хайыы-үйэ хатыылаах, оҕолорум бэйэбин кытта бииргэ утуйа сыталлар, онон хайдах да туран ылан биэрэр кыаҕым суох“.
Биһиги, Таҥара үлэтин толорсор дьон, Киниттэн бэлэх ылбыт илгэлээх үтүөҕүтүн халтайга хаалларымаҥ диэн, эһигиттэн көрдөһөбүт.
Оттон Тит туһунан этэр буоллахха, кини – мин табаарыһым, эһиги тускутугар бииргэ үлэлиир киһим; бырааттарбыт буоллахтарына – сиэркэптэр ыыппыт илдьиттэрэ, Христоһу албан аатырдар дьон.
Итиэннэ, Айыы Тойоҥҥо бииргэ үлэлиир истиҥ быраатым, эйигиттэн эмиэ көрдөһөбүн: бука диэн кинилэргэ иккиэннэригэр көмөлөс. Кинилэр эмиэ миигин, Климены уонна да атын, олох кинигэтигэр ааттаммыт дьону кытта Евангелие туһугар сыраларын биэрэн туран үлэлээбиттэрэ.
Иуст диэн ааттаах Иисус эмиэ эҕэрдэ ыытар. Иудейдартан бу кинилэр эрэ, миигинниин бииргэ Таҥара Саарыстыбатын туһугар сулууспалааннар, миэхэ улахан өйөбүл буолаллар.
Таҥараҕа биһигини кытта сулууспалаан, Христос Евангелиетын иһитиннэрсэ сылдьар бырааппытын Тимофейы эһиэхэ ыыппыппыт. Кини эһиэхэ тиийэн итэҕэлгитин бөҕөргөтөн санааҕытын көтөхтөҕүнэ,
бииргэ сулууспалыыр бырааттарым Марк, Аристарх, Димас, Лука эмиэ эҕэрдэлэрин ыыталлар.
Чэ, тиийдэхпинэ, тугу оҥорбутун санатыам. Биһигини кырыктаах тылынан үөҕэригэр сөп буолбакка, өссө бырааттарбытын киллэрбэтин таһынан, киллэрэр баҕалаахтары кытта бобор, бэл, сиэркэптэн үүртэлиир.
Итилэриҥ айаҥҥа туруналларыгар итэҕэлэ суохтартан тугу да ылбакка эрэ, Кини аатын туһугар туруммуттара.
Сиэркэпкэ суруйбутум гынан баран, бастыыр баҕалаах Диотреф биһигини билиммэт.