4 Аҕаттан ылбыт кэриэспитин толорон, кырдьыгы бэриниилээхтик тутуһа сылдьар дьон эн оҕолоруҥ ортолоругар баалларын көрөн, мин улаханнык үөрдүм.
куһаҕантан үөрбэт – кырдьыктан үөрэр;
Көнө суолтан – Евангелие кырдьыгыттан – туоруулларын көрөн, мин, бары истэн турдахтарына, Кифаҕа: «Эн еврей эрээригин, иудейдартан атыннык, омук дьонун курдук, олорор буоллаххына, омук дьонун тоҕо иудей үгэһин тутуһарга күһэйэҕин?» – диэбитим.
Христос биһигини таптаан, биһиги туспутугар Бэйэтин сайа илгийэр кэрэ бэлэх, Таҥараҕа сөбүлэтэр сиэртибэ быһыытынан биэрбитин курдук, эһиги эмиэ тапталынан салайтаран олоруҥ.
Хаһааҥҥыта эрэ эһиги хараҥа этигит, оттон билигин Айыы Тойону итэҕэйэҥҥит, эһиги сырдык буоллугут, онон сырдык оҕолорунуу олоруҥ,
Эһиги миэхэ хайыы-үйэ хат кыһаллан-мүһэллэн эрэргититтэн мин Айыы Тойон иннигэр үөрэбин эрэ. Урут даҕаны эһиги миэхэ кыһалларгыт, тоҕоостоох түгэҥҥит эрэ көстө илигэ.
Кинини кытта биир буоллум диир киһи, Кини олорбутун курдук, олоруохтаах.