Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




2 Фессалоника христианнарыгар 3:16 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

16 Эйэ-ил Айыы Тойоно Бэйэтинэн эһиэхэ өрүүтүн туохха барытыгар эйэни биэриэхтин. Айыы Тойон эһигини барыгытын кытта бииргэ буолуохтун!

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




2 Фессалоника христианнарыгар 3:16
40 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Иһит, Айыы Тойон, миигин аһын-харыһый, Айыы Тойон, миэхэ көмөлөс».


Ыллааҥ Айыы Таҥараҕа, ыллааҥ, ыллааҥ Ыраахтааҕыбытыгар, ыллааҥ.


нэгэй дьон баай-талым олоҕун көрөммүн, улуутумсуктары ордугургуу санаатым.


Аһара уойаннар, харахтара бүтэйбит, мэник санаа сүрэхтэригэр көччүйбүт.


эһиэхэ тугу соруйбуппун барытын толорорго үөрэтиҥ. Оттон Мин, үйэ бараныар диэри, өрүү эһигинниин бииргэ буолуом». Аминь.


«Үрдүк Халлааҥҥа – Таҥараҕа айхал, сиргэ – эйэ-ил, дьоҥҥо – Таҥара үтүө сыһыана!»


Мин эһиэхэ эйэни хаалларабын, Бэйэм эйэбин эһиэхэ биэрэбин; Мин бу дойду биэрэриттэн атыннык биэрэбин. Эһиги дьиксиниэ, дьулайыа суохтааххыт.


Маны Мин эһиэхэ, эһиги Миигинниин биир буолан, эйэҕэ тиксэргит туһугар, эттим. Бу дойдуга эһиги эрэйи көрүөххүт, ол эрээри эрдийиҥ: Мин бу аан дойдуну баһыйдым».


Эһиэхэ, Таҥара таптыыр дьонугар, сибэтиэй буоларга ыҥырыллыбыттарга – Рим христианнарыгар бука барыгытыгар Аҕа Таҥарабытыттан уонна Айыы Тойон Иисус Христостан бары илгэлээх үтүөнү кытта эйэ-ил тосхойо туруохтун!


Эйэ-ил Таҥарата өрүү эһигини барыгытын кытта бииргэ буолуохтун. Аминь.


Эйэ-ил Таҥарата бэрт сотору сатананы атаххыт анныгар сууһарыаҕа. Айыы Тойоммут Иисус Христос илгэлээх үтүөтэ эһигини эҥээрдэһиэхтин. Аминь.


Таҥара бэрээдэгэ суох буолуу Таҥарата буолбатах, Кини – эйэ-ил төрдө. Сибэтиэйдэр сиэркэптэригэр барыларыгар буоларын курдук,


Ол эрэн, бырааттарым, үөрүҥ-көтүҥ, ситэн-хотон үүнэн иһиҥ, бэйэ-бэйэҕитин бөҕөргөтүһүҥ, биир санааланыҥ, эйэлээх буолуҥ, оччоҕо таптал, эйэ-ил Таҥарата эһигини кытта бииргэ буолуо.


Бырааттарбытыгар Аҕа Таҥараттан уонна Айыы Тойон Иисус Христостан эйэ, таптал, итэҕэл тосхойо туруохтун.


Онон эһиэхэ тиийэр суолбутун Аҕа Таҥарабыт уонна Иисус Христос Айыы Тойоммут салайан биэриэхтиннэр,


Оччоҕо Таҥара Бэйэтэ, эйэ Таҥарата, эһигини бары өттүнэн сибэтии гынан, Айыы Тойоммут Иисус Христос кэлэригэр бүтүн бэйэҕит – ис тыыҥҥыт, дууһаҕыт, эккит-сииҥҥит – бүтүннүү эҥкилэ суох чөл буолуо.


Айыы Тойоммут Иисус Христос илгэлээх үтүөтэ эһигинниин барыгытыныын эҥээрдэһиэхтин. Аминь.


Айыы Тойон Иисус Христос эйигинниин бииргэ буолуохтун. Таҥара илгэлээх үтүөтэ эһигинниин эҥээрдэһиэхтин. Аминь.


Айыы Тойоммут Иисус Христос илгэлээх үтүөтэ эһигинниин эҥээрдэһиэхтин. Аминь.


Бараанын үөрүн улуу Маныыһытын – хаһан да көтүллүбэт сөбүлэһии кэс тылын Бэйэтин Хаанынан бигэргэппит Айыы Тойон Иисус Христоһу өлбүттэртэн тилиннэрбит Таҥара, эйэ-ил төрдө,


Авраам сэриилээн ылан илдьэ иһэр баайын уон гыммыт биирин киниэхэ өлүүлээн биэрбитэ. «Мелхиседек» диэн аат, бастакытынан, «кырдьыктаах ыраахтааҕы» диэн, оттон, иккиһинэн, кини Салим ыраахтааҕыта буоларын быһыытынан, «эйэни тэрийэр ыраахтааҕы» диэн суолталаах.


Өссө ити күн Вифлеемтэн Вооз бэйэтинэн тиийэн кэлбитэ. «АЙЫЫ ТОЙОН эһигинниин бииргэ буоллун!» – диэбитэ кини бурдук быһааччыларыгар. «АЙЫЫ ТОЙОН эйигин алҕаатын!» – дэспиттэрэ анарааҥҥы дьон.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ