12 Оннуктары сиир килиэптэрин чуумпутук үлэлээн булуналларыгар Айыы Тойон Иисус Христос аатынан модьуйабыт.
Иирээннээх дьиэҕэ малааһынныах кэриэтэ иллээх дьиэҕэ хаппыт килиэп хаҕын сии олорбут ордук.
Күннээҕи тыын килиэппитин бүгүн биһиэхэ биэр.
Ким урут уорбут, ол аны уорбатын, кыамматтарга бэрсэрдээх буолар туһугар, илиитинэн туһалааҕы оҥорон бары күүһүн ууран үлэлээтин.
Итиэннэ түмүкпүтүгэр, бырааттарбыт, биһигиттэн хайдах олорорго, Таҥара санаатын табарга үөрэммиккит кэннэ, өссө ордук ситиһиилээх буоларгытыгар Христос Иисус аатынан эһигини ыҥырабыт.
чуумпутук, эйэлээхтик олорорго дьулуһуҥ диэн көрдөһөбүт. Урут эппиппит курдук, эһиги хас биирдиигит бэйэтин дьыалатынан дьарыктаныахтаах, бэйэтэ үлэлээн айаҕын ииттиниэхтээх.
ким да килиэбин босхо сиэбэтэхпит, хайаҕытыгар да сүгэһэр буолбат туһугар түүннэри-күннэри үлэлиирбит.