10 Урут эһиэхэ да сылдьан этэрбит, билигин да этэбит: ким үлэлиэн баҕарбат – аһаабатын.
Сүрэҕэ суох кэтэһэ саныыр да, киниэхэ биэриэхтэрэ суоҕа, оттон туруу үлэһит тото-хана аһыаҕа.
Сүрэҕэ суох сирин кэмигэр хоруппат, онон хомуур саҕана быйаҥы ылбат.
Үлэлиэн баҕарбат күөх көппө аска ымсыыра сытан сутаан өлүөҕэ.
«Өссө эһигини кытта сылдьан Моисей Сокуонугар, Пророктарга, Саалтыырга Мин туспунан суруллубут туолуохтаах диэн эппитим бу туолла», – диэбитэ Иисус.
Ол кэм кэллэҕинэ, эһиэхэ ол туһунан тугу эппиппин өйдүүргүт туһугар итини эттим. Эһигинниин бииргэ сылдьар буолан урут эппэтэҕим.
тиийэн кэлбиттэригэр эппитэ: «Мин, Асияҕа үктэниэхпиттэн ыла, манна хайдах олорбуппун эһиги билэҕит.
Урут эһигинниин да сылдьан эрэйи-муҥу көрүөхтээхпит диэн эрдэттэн сэрэтэр этибит; ол эппиппит, билэргит курдук, бу туолла.
чуумпутук, эйэлээхтик олорорго дьулуһуҥ диэн көрдөһөбүт. Урут эппиппит курдук, эһиги хас биирдиигит бэйэтин дьыалатынан дьарыктаныахтаах, бэйэтэ үлэлээн айаҕын ииттиниэхтээх.
Мин урут эһиэхэ тиийэ сылдьан, бу туһунан эппиппин өйдүүр инигит?