7 Хара дьай хайыы-үйэ кистэлэҥинэн дьайа турар; ол эрээри маҥнай кинини харгыстаһааччы эйгэттэн ылыллыахтаах.
Мин барбытым кэннэ эһиги ортоҕутугар бараан үөрүн аһыммат торҕон бөрөлөр киириэхтэрин билэбин.
Итиэннэ кэмэ кэлэн, билигин дьоҥҥо биллиэҕин-көстүөҕүн кинини туох тутарын эһиги билэҕит.
Биһиги итэҕэлбит кистэлэҥэ, туох да мөккүөрэ суох, сүрдээх сүдү: «Таҥара Киһи буолан кэлэн, Сибэтиэй Тыынынан кырдьыгын туоһулаппыта, Аанньалларга Бэйэтин көрдөрбүтэ, араас норуоттарга иһитиннэриллибитэ; аан дойду дьонун итэҕэлин ылбыта, албан аатыран үөһэ ылыллыбыта».
Оҕолоор! Бу тиһэх кэм кэллэ. Антихрист кэлиэхтээҕин эһиги истэн тураҕыт. Тиһэх кэм кэлбитин биһиги Христоһу утарааччы хайыы-үйэ үксээбитинэн билэбит.
оттон Киһи буолан кэлбит Иисус Христоһу билиммэт киһиэхэ Таҥара Тыына буолбатах, антихрист тыына баар; ол антихрист кэлиэхтээҕин эһиги истэн тураҕыт, кини бу дойдуга билигин хайыы-үйэ баар буолбут.
сүүһүгэр «Улуу Вавилон – сир бары содурун, бары сидьиҥин ийэтэ» диэн кистэлэҥ суолталаах аат суруллан сылдьара.
«Тоҕо дьиктиргиигин? – диэбитэ Аанньал. – Мин эйиэхэ ити дьахтар уонна кини миинэ сылдьар сэттэ төбөлөөх, уон муостаах кыылын кистэлэҥин этиэм.