14 Бэйэ-бэйэҕитин таптал уураһыытынан эҕэрдэлэһиҥ. Эһигинниин, Христос Иисустуун биир буолбуттардыын бука барыгытыныын, эйэ эҥээрдэһиэхтин. Аминь.
Доҕотторгутун эрэ эйэҕэстик көрсөр буоллаххытына, ама эһиги уһулуччулаах үтүөнү оҥоробут диэххит дуо? Таҥараны билбэт да дьон итини сатыыллар буолбатах дуо?
Мин эһиэхэ эйэни хаалларабын, Бэйэм эйэбин эһиэхэ биэрэбин; Мин бу дойду биэрэриттэн атыннык биэрэбин. Эһиги дьиксиниэ, дьулайыа суохтааххыт.
Маны Мин эһиэхэ, эһиги Миигинниин биир буолан, эйэҕэ тиксэргит туһугар, эттим. Бу дойдуга эһиги эрэйи көрүөххүт, ол эрээри эрдийиҥ: Мин бу аан дойдуну баһыйдым».
Ол күн, нэдиэлэ бастакы күнүн киэһэтигэр, үөрэнээччилэр иудейдартан куттанан, түмсэр дьиэлэрин аанын хатанан олордохторуна, Иисус киирэн ортолоругар туран эппитэ: «Эһиэхэ эйэ буоллун!»
Аҕыс хонон баран үөрэнээччилэр эмиэ дьиэҕэ олорбуттара, Фома кинилэри кытта баара. Аан халҕана хатанан турдаҕына, арай Иисус киирэн ортолоругар туран баран: «Эһиэхэ эйэ буоллун!» – диэбитэ.
Эһиэхэ, Таҥара таптыыр дьонугар, сибэтиэй буоларга ыҥырыллыбыттарга – Рим христианнарыгар бука барыгытыгар Аҕа Таҥарабытыттан уонна Айыы Тойон Иисус Христостан бары илгэлээх үтүөнү кытта эйэ-ил тосхойо туруохтун!
Бэйэ-бэйэҕитин сибэтиэй уураһыынан эҕэрдэлэһиҥ. Христос сиэркэптэрэ бары эһиэхэ эҕэрдэ ыыталлар.
Онон билигин, Христос Иисустуун биир буолан, сатарыйбыт айылҕаларынан олорбокко, Тыын ыйарынан олорор дьон ханнык да дьүүлүнэн дьүүллэммэттэр –
Таҥара биһигини Христос Иисустуун биир гынан, Христос биһиги муудараспыт буолбута, биһигини буруйтан быыһаабыта, Бэйэтигэр анаммыт сибэтиэй дьон гынан толуйан ылбыта.
Бырааттаргыт бука бары эһиэхэ эҕэрдэ тиэрдэллэр. Сибэтиэй уураһыынан бэйэ-бэйэҕитин эҕэрдэлэһиҥ.
Бэйэ-бэйэҕитин сибэтиэй уураһыынан эҕэрдэлээҥ. Сибэтиэйдэр бары эһиэхэ эҕэрдэлэрин ыыталлар.
Онон ким Христоһу итэҕэйбит, ол саҥа айыллыбыт киһи; урукку ааста, көр, аны билигин барыта саҥа буолла.
Бырааттарбытыгар Аҕа Таҥараттан уонна Айыы Тойон Иисус Христостан эйэ, таптал, итэҕэл тосхойо туруохтун.
Бырааттарбытын барыларын сибэтиэй уурааһынынан эҕэрдэлээҥ.
сотору бэйэҕэр тиийэн, сирэй көрсөн олорон сэһэргэһиэм диэн эрэл санаалаахпын.