13 Эмиэ эһиги курдук талыллыбыт Вавилоннааҕы балтыгыт уонна уолум Марк эһиэхэ эҕэрдэ ыыталлар.
Эрэй-муҥ дууһабын иэдэтэн, үтүгэн түгэҕэр түһэрим бу кэллэ.
Тула өттүн көрүнэн баран, кини Марк диэн ааттаах Иоанн ийэтэ Мария дьиэтигэр элбэх киһи мустан үҥэ олороругар тиийбитэ.
Варнавалаах Савл соруктарын толорон, Марк диэн ааттаммыт Иоанны илдьэ Иерусалимтан Антиохияҕа төннүбүттэрэ.
Варнава буоллаҕына Марк диэн ааттаах Иоанны эмиэ илдьэ барыан баҕарара.
Онтон сылтаан хомойсуу тахсан тус-туспа барбыттара: Варнава Маркы илдьэ Кипргэ устубута,
Миигин кытары бииргэ хааллан сытар Аристарх эһиэхэ эҕэрдэтин ыытар; Варнава сиэн быраата Марк эмиэ эһигини эҕэрдэлиир (кини туһунан эһиэхэ дьаһал тиийэн турар; эһиэхэ кэллэҕинэ, үчүгэйдик көрсөөрүҥ).
бииргэ сулууспалыыр бырааттарым Марк, Аристарх, Димас, Лука эмиэ эҕэрдэлэрин ыыталлар.
Мин эрэ буолбатах, дьиҥ кырдьыгы билбиттэр бука барыбыт, биһиги сүрэхпитигэр иҥэн сылдьар, үйэлэр тухары биһигинниин буолар кырдьык туһугар, дьиҥ тапталынан таптыыр хотуммутугар эйиэхэ, Таҥара талыылааҕар, уонна эн оҕолоргор – миигиттэн, кырдьаҕастан, эҕэрдэ.
Эйиэхэ эдьиийиҥ, Таҥара талыылааҕын, оҕолоро эҕэрдэлэрин ыыталлар. Аминь.
сүүһүгэр «Улуу Вавилон – сир бары содурун, бары сидьиҥин ийэтэ» диэн кистэлэҥ суолталаах аат суруллан сылдьара.
Аанньал күүстээх куолаһа дуораһыйбыта: «Улуу содур Вавилон суулунна, суулунна! Кини аны билигин абааһы ордуута, бары быртах тыын барыта түһэр, бары кирдээх, куһаҕан көтөр барыта түһэр сирэ буолла;