Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




1 Петр 4:6 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

6 Дьэ ол иһин, эттэнэн-хааннанан олорбут олохторугар дьон быһыытынан дьүүллэнэн баран, Таҥара көҥүлүн хоту тыыннарынан олороллорун туһугар, Евангелие өлбүт дьоҥҥо кытта иһитиннэриллибитэ.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




1 Петр 4:6
14 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Ол саҕана эһигини тутан ылан сордуохтара-муҥнуохтара, өлөртүөхтэрэ; Мин туспуттан эһигини бары норуоттар абааһы көрүөхтэрэ.


Христос Иисуска баар олох Тыынын сокуона биһигини аньыы уонна өлүү сокуонуттан босхолообута.


Миигин Сокуон өлөрөн, мин аны мантан инньэ Таҥара туһугар олороору, Сокуонтан босхоломмутум. Мин Христоһу кытта бииргэ кириэскэ тиириллибитим,


Онон Тыын көмөтүнэн олорор буоллахпытына, Тыын ыйарынан сылдьыаҕыҥ.


Урут кинилэр тугу өтө көрөн эппиттэрэ (ону билигин – Евангелиены иһитиннэрэр дьонунан – халлаантан ыытыллыбыт Сибэтиэй Тыын эһиэхэ биллэрбитэ) – ол барыта бэйэлэрин эрэ тустарыгар буолбакка, эһиги тускутугар буоларын Таҥара кинилэргэ арыйбыта. Бу кистэлэҥи бэл халлааҥҥа баар Аанньаллар кытта өҥөйөн көрүөхтэрин баҕараллар.


Христос эмиэ биирдэ букатыннаахтык, биһигини Таҥараҕа аҕалаары, Бэйэтэ Кырдьыксыт эрээри, аньыылаахтар биһиги туспутугар, биһиги буруйбутун боруостаан, эрэйи-муҥу көрбүтэ; этин-сиинин өлөрбүттэрэ эрээри, Кини тыынынан тиллибитэ,


уонна эмиэ тыынынан аллара түһэн, хараҥаҕа хаайылла сытар өлбүттэргэ Таҥара тылын иһитиннэрбитэ.


Онтон уоту дьаһайар былаастаах атын Аанньал сиэртибэнньиктэн тахсан, сытыы сиэрпэлээххэ туһаайан: «Виноград отоно буспут, сытыы сиэрпэҕинэн сиргэ баар виноград сүүмэхтэрин быһан ыл», – диэн үөгүлээбитэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ