18 «Бэл, кырдьыксыт эрэйинэн быыһанар, оччоҕо итэҕэлэ суох аньыылаах киһи хайдах буолуоҕай?»
Үтүө киһи манньатын бу сиргэ ылар эбит буоллаҕына, нэгэй быһыылаах, аньыылаах киһи буруйданара биллэн турар.
Түһээн хомуйааччылар уонна да атын аньыылаах-харалаах бэрт үгүс дьон, Кинини истээри, мусталлара.
Киил маһы маннык кэбилиир буоллахтарына, хаппыт мас хайдах буолуой?»
суолларын былаһын тухары үөрэнээччилэр санааларын бөҕөргөтө, итэҕэллэрин ыһыктыбаттарыгар такайа, «Таҥара Саарыстыбатыгар биһиги элбэх эрэйи көрсөн киириэхтээхпит» диэн үөрэтэ испиттэрэ;
эттэ: „Куттаныма, Павел! Эн император иннигэр туруохтааххын, онон бу хараабылынан бииргэ устан иһэр аргыстаргын Таҥара эйиэхэ бэлэхтиир“, – диэтэ.
Павел сотникка уонна буойуннарга: «Кинилэр хараабылга хаалбатахтарына, эһиги быыһанар кыаххыт суох буолуо», – диэбитэ.
Кырдьыгы аньыынан тууйар дьон ханнык баҕарар буруйдарыгар-аньыыларыгар, төттөрү быһыыларыгар халлаантан Таҥара уора-кылына түһэрэ субу кэллэ.
Христос, биһиги өссө мөлтөх эрдэхпитинэ, анаммыт кэмигэр аньыылаахтар тустарыгар өлбүтэ.
Оттон Христос биһиги өссө аньыылаах дьон эрдэхпитинэ, биһиги туспутугар өлбүтэ. Итинэн Таҥара биһиэхэ Бэйэтин тапталын көрдөрбүтэ.
Онон тирэхтээхтик турабыт дии сананар дьон, охтубат туһугар, сэрэхтээх буоллуннар.
Оннук киһи билэр: Сокуон кырдьыксыттарга буолбакка, суута-сокуона суох быһыыланааччыларга, бас бэриммэттэргэ, Таҥараны билиммэт, аньыылаах-харалаах, итэҕэли утарар уонна Таҥараны холуннарар, ийэлэрин-аҕаларын тыыннарыгар турунар дьоҥҥо, өлөрүөхсүттэргэ,
Дьэ ол иһин, Таҥара биһиэхэ уоскулаҥы биэриэх буолбут эрэннэриитэ күүстээҕин тухары, онно тиксэр тоҕоостоох түгэни мүччү тутан туора туран хаалбат гына, сэрэнэн сылдьыаҕыҥ.
Эһиги кырдьыксыттары дьүүллээн өлөрбүккүт. Кинилэр эһиэхэ утарыласпатахтара.
Өйдөөн-төйдөөн сылдьыҥ, сэрэхтээх буолуҥ: өстөөххүт адьарай кими эмэ булан мэҥиэстээри тула эргийэ, хахайдыы хаһыытыы сылдьар.
оттон бу эмиэ Таҥара тыла араҥаччылыыр билиҥҥи сирэ-халлаана Дьүүл Күнүгэр, Таҥараны билиммэт дьон өлөрүгэр, уокка умайарга ананан турар.
Айыы Тойон тиийэн кэлэн, барыларын дьүүллүөҕэ, итиэннэ кинилэр ортолоругар баар суута-сокуона суох быһыыланааччылар Таҥараны билиммэккэ тугу быһыыламмыттарын, Кинини билиммэт аньыылаахтар туох дьэбир тылынан утаран саҥарбыттарын бүтүннүүтүн саралыаҕа!»