Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




1 Петр 3:17 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

17 Ол эбэтэр, куһаҕаны оҥорон эрэйдэниэхтээҕэр, Таҥара көҥүлүнэн буоллаҕына, үтүөнү оҥоро сылдьан эрэйдэммит ордук;

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




1 Петр 3:17
10 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Итиэннэ, кыратык тэйэн баран, сиргэ умса түһэн үҥпүтэ: «Аҕаккаам! Кыаллар буоллаҕына, бу эрэй-буруй иһитэ Миигин тумнан аастын. Ол эрээри Мин көҥүлбүнэн буолбатын, Эн көҥүлгүнэн буоллун».


Онтон эмиэ иккиһин тэйиччи баран, бу курдук үҥпүтэ: «Аҕаккаам! Бу эрэй-буруй иһититтэн Мин испэтим сатаммат буоллаҕына, Эн көҥүлүҥ буоллун».


бараары бырастыылаһа туран эппитэ: «Бу кэлэр бырааһынньыгы мин хайаан да Иерусалимҥа ылыахтаахпын. Таҥара биэрдэҕинэ, эһиэхэ эргиллэн кэлиэм». Эфестэн Павел хараабылга олорсон айаннаабыта.


Кинини кыайан тылбытыгар киллэрбэккэ: «Айыы Тойон көҥүлэ буоллун!» – диэн баран, дьэ уоскуйбуппут.


Итэҕэлгитин тургутар араас ыарахаттартан быстах кэмҥэ эрэйдэнэр да эбит буоллаххытына, эһиги ол кэнэҕэс кэлэри өйдөөн-санаан үөрэр-көтөр буолуҥ.


Өйө суох ньүдьү-балай дьон ону-маны тыллаһыытын биһиги үтүөнү оҥорон тохтоторбутугар Таҥара баҕарар,


Оҥорбут буруйгут иһин кырбанаргытын тулуйар буоллаххытына, эһиэхэ туох хайҕала кэлиэхтээҕий? Оттон үтүөнү оҥоро сылдьан эрэйдэнэргитин тулуйар буоллаххытына, Таҥара алгыһын ылыаххыт.


Оттон кырдьык туһугар эрэйдэнэр да буоллаххытына, эһиги алгыстааххыт; онон кинилэртэн куттанымаҥ, симиттэн турумаҥ.


Эһигиттэн ким да киһини өлөрөн, уоран, куһаҕаны оҥорон эбэтэр атын киһи бас билиитигэр суудайан эрэ сору көрбөтөр;


Онон Таҥара көҥүлүнэн эрэйи көрөр дьон үтүөнү оҥорон, Киниэхэ, эппит тылын толорор эрэбиллээх Айааччыга, олохторун туттардыннар.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ