1-2 Ол курдук, Таҥара тылын ылыммат эрдээх дьахталлар эмиэ, эрдэргит эһиги Таҥараттан толлор ыраас олоххутун көрөн, биир тылы этиппэккэ, итэҕэли ылыналларын туһугар, кинилэргэ бас бэриниҥ.
Көнө быһыы үүнүүтэ – олох Аал луук маһа; муударай киһи дьон кутун тутар.
Хомоппут быраатыҥ хатаммыт кириэппэс кэриэтэ, өстөһүү – олбуор аанын олунуу.
Өскөтүн быраатыҥ эйигин утары аньыыны оҥордоҕуна, эн киниэхэ тиийэҥҥин, иккиэйэҕин хаалбыт кэмҥитигэр кинини кытта кэпсэт. Өскөтүн тылгын ылыннаҕына, ол аата эн бырааккын сүтэрбэтэххин;
Ол гынан баран истибит эрэ барыта ону ылыммыт буолбатах. «Айыы Тойон! Биһигиттэн истибитин ким итэҕэйдэ?» – диир Исайя.
Хаһан эрэ эһиги аньыы кулуттара этигит, оттон билигин, Таҥараҕа махтал, ылыммыт үөрэххитигэр ис сүрэххитинэн бас бэриннигит,
Холобура, эрдээх дьахтар, эрэ тыыннааҕын тухары, кинини кытта сокуонунан холбоһо сылдьар, оттон эрэ өллөҕүнэ, эрин кытта холбообут сокуонтан босхолонор.
Эһиги өссө хайа баҕарар эр киһиэхэ Христос бас буоларын, хайа баҕарар дьахтарга эрэ тойон, оттон Христоска Таҥара бас буоларын билиэххитин баҕарабын.
дьахталлар сиэркэпкэ саҥарыа суохтаахтар. Сокуон этэринэн, дьахтар саҥарара көҥүллэммэт, кини бас бэриниэх тустаах.
Эргин быыһаабаккын дьахтар хантан билэҕин? Эр киһи эмиэ ойоххун быыһаабаккын хантан билэҕин?
Онон эһигиттэн хас биирдии киһи, бэйэтин таптыырыныы, ойоҕун таптыахтаах; оттон дьахтар эриттэн толлуох тустаах.
Дьахталлар, Айыы Тойону итэҕэйэр дьон сиэринэн эргитигэр бас бэриниҥ.
Итэҕэйбэт дьоҥҥо муударайдык, тоҕоостоох түгэни табатык туһанан сыһыаннаһыҥ.
Таҥараны билбэттэри уонна Айыы Тойоммут Иисус Христос Евангелиетыгар бас бэриммэттэри суостаах уот ортотугар иэстиирин саҕана, буолуоҕа.
Итэҕэлинэн Авраам, Таҥара ыҥырарын истэн, нэһилиэстибэ ылар дойдутугар тиийээри, ханна баран иһэрин билбэтэр да, суолга туруммута.
итиэннэ ситэн-хотон баран, Кинини истэр дьоҥҥо барыларыгар үйэлэр тухары быыһанар төрүөт буолбута.
Онон, бырааттарыам, кырдьыкка Тыын көмөтүнэн истигэн буолан, дууһаҕытын ыраастанан, бырааттыы дьоҥҥутун өрүү ыраас ис сүрэххититтэн таптааҥ.
Ол курдук, эһиги эр дьон эмиэ, кэргэттэргит уйаннарын өйдөөн туран, кинилэргэ үтүөтүк сыһыаннаһыҥ; кэргэттэргит эмиэ эһиги курдук илгэлээх олоххо киирэллэрин быһыытынан, үҥэр үҥүүгүт мэһэйэ суох буоларын туһугар, кинилэри ытыктааҥ.
Дьүүллээһини Таҥара Бэйэтин дьонуттан саҕалыаҕа; өскөтүн дьүүл маҥнай биһигиттэн саҕаланар буоллаҕына, Таҥара Евангелиетын ылыммат дьону дьэ ханнык бүтэр уһук күүтэрэ буолуой?