3 Айыы Тойон хайдахтаах курдук үтүөтүн эһиги хайыы-үйэ билбиккит.
Айыы Тойон үтүө санаалаах, Кини кырдьыгы көрөр, ол иһин аньыылаахтары көнө суолга үөрэтэр.
Эстэр-быстар күннэрэ кинилэргэ эмискэ үтүрүйэн кэллин, кистээн оҥорбут угаайыларыгар бэйэлэрэ түбэстиннэр; илимҥэ сөрүөстэн кинилэр өллүннэр.
Буруйа суох киһини ытаары тоһуурга сыталлар, туохтан да куттаммакка соһуччу ыталлар.
Айыы Тойон – баттаммыттар халыҥ хаххалара, кутурҕаннаах кэмнэригэр суон дурдалара.
Онтон Быыһааччы Таҥарабыт илгэлээх үтүө санаата, киһи аймахха таптала көстөн,