20 Оҥорбут буруйгут иһин кырбанаргытын тулуйар буоллаххытына, эһиэхэ туох хайҕала кэлиэхтээҕий? Оттон үтүөнү оҥоро сылдьан эрэйдэнэргитин тулуйар буоллаххытына, Таҥара алгыһын ылыаххыт.
Онтон Иисуһу сирэйгэ силлээн, иэдэскэ охсуолаан барбыттара; Кинини сирэйгэ охсо-охсо:
Доҕотторгутун эрэ эйэҕэстик көрсөр буоллаххытына, ама эһиги уһулуччулаах үтүөнү оҥоробут диэххит дуо? Таҥараны билбэт да дьон итини сатыыллар буолбатах дуо?
Сорохтор Кинини силлээн киирэн барбыттара, итиэннэ сирэйин сабан баран: «Пророк, ким охсубутун эт!» – дии-дии, сирэйгэ охсуолаабыттара. Онтон аны чаҕардар Киниэхэ кырбаабыттара.
Эһигини таптыыр дьону эрэ таптыыр буоллаххытына, туох махталын эрэйэҕит? Аньыылаахтар даҕаны кинилэри таптыыр дьону таптыыллар эбээт.
Күн бүгүҥҥэ диэри аччыктыыбыт, утатабыт, сыгынньах сылдьабыт, холдьоҕуллабыт, сири-дойдуну кэрийэбит,
Сыаллара-соруктара үчүгэйэ буоллар, уонна мин баарбар эрэ буолбакка, куруук да оннуктара буоллар, үтүөнэн бэйэлэригэр тарда сатыыллара туох да олуоната суох буолуо этэ.
Таҥара тугу сөбүлүүрүн билэргэ кыһаллыҥ,
Барытын тутан биирдэ дэлэйэ түстүм. Епафродитынан ыыппыккытын туттум, онон аны билигин тугунан да тутайбаппын. Эһиги миэхэ көмөҕүт – сайар илгэ сыттаах бэлэх, Таҥара сөбүлүүр, астынар сиэртибэтэ.
Олоҕо суох атаҕастабылга түбэһэн баран, Таҥараны санаан эрэйи-муҥу тулуйар киһи, Кини хайҕалын ылыаҕа.
Оттон кырдьык туһугар эрэйдэнэр да буоллаххытына, эһиги алгыстааххыт; онон кинилэртэн куттанымаҥ, симиттэн турумаҥ.
Ол эбэтэр, куһаҕаны оҥорон эрэйдэниэхтээҕэр, Таҥара көҥүлүнэн буоллаҕына, үтүөнү оҥоро сылдьан эрэйдэммит ордук;