19 Олоҕо суох атаҕастабылга түбэһэн баран, Таҥараны санаан эрэйи-муҥу тулуйар киһи, Кини хайҕалын ылыаҕа.
Саатан, кэннилэринэн түстүннэр: «Кэһэй! Кэһэй!» – диэн сэтэрээччилэр.
Эһигини таптыыр дьону эрэ таптыыр буоллаххытына, туох махталын эрэйэҕит? Аньыылаахтар даҕаны кинилэри таптыыр дьону таптыыллар эбээт.
Ол эрээри кинилэр Миигин Ыыппыты билбэт буоланнар, Мин аатым туһуттан эһиэхэ итинник сыһыаннаһыахтара.
Варнава онно тиийэн, Таҥара кинилэргэ биэрбит илгэлээх үтүөтүн көрөн, үөрбүтэ уонна барыларын ис сүрэххититтэн Айыы Тойоҥҥо итэҕэллээх буолуҥ диэн ыҥырбыта.
Онон буруйданыам диэн куттанан эрэ буолбакка, киниэхэ суобаскынан бас бэриниэх тустааххын.
Ол эрээри Таҥара илгэлээх үтүөтүнэн бүгүн мин Апостол буола сылдьабын. Кини миэхэ биэрбит үтүө дьоҕура кураанахха хаалбатаҕа, мин кинилэрдээҕэр хайаларынааҕар да элбэхтик үлэлээбитим; ити гынан баран ол мин буолбатах, Таҥара илгэлээх үтүө күүһэ миигин кытта бииргэ үлэлээбитэ.
Биһиги бу дойдуга, чуолаан эһиги ортоҕутугар Таҥараҕа сөбүлэтэр курдук аһаҕастык, истиҥник – сирдээҕи муудараска буолбакка, Таҥара илгэлээх үтүө санаатыгар салайтаран олорбуппутун суобаспыт туоһулуурунан киэн туттабыт.
Бырааттарбыт, Македониятааҕы сиэркэптэргэ Таҥара хайдах курдук өлгөм илгэлээх үтүөнү бэлэх биэрбитин билиэххитин баҕарабыт.
Ол иһин билигин маннык эрэйдэнэ да сырыттарбын, кыбыстыбаппын: Кими итэҕэйэрбин билэбин. Мин Киниэхэ тугу солуок туттарбыппын Кини ол Күҥҥэ тиэрдэр кыахтааҕар бигэтик эрэнэбин.
Онтон атын эбитэ буоллар, сиэртибэлээччилэр, биирдэ бүтэһиктээхтик ырааһыран хаалан баран, аны аньыыта суох курдук сананан, сиэртибэ биэрэллэрин тохтотуо этилэр.
Оҥорбут буруйгут иһин кырбанаргытын тулуйар буоллаххытына, эһиэхэ туох хайҕала кэлиэхтээҕий? Оттон үтүөнү оҥоро сылдьан эрэйдэнэргитин тулуйар буоллаххытына, Таҥара алгыһын ылыаххыт.
Эһигиттэн ким да киһини өлөрөн, уоран, куһаҕаны оҥорон эбэтэр атын киһи бас билиитигэр суудайан эрэ сору көрбөтөр;