5 Иисус Таҥара Уола буоларын итэҕэйэр киһиттэн ураты бу аньыылаах дойдуну ким кыайыаҕай?
Иисус киниэхэ эппитэ: «Итэҕэйэр кыахтаах буоллаххына, итэҕэйээччигэ туох барыта кыаллар».
Филипп эппитэ: «Ис сүрэххиттэн итэҕэйэр буоллаххына, сүрэхтэниэххин сөп». Киһи хоруйдаабыта: «Иисус Христос Таҥара Уола диэн итэҕэйэбин».
Иисус Таҥара Уола буоларын билинэр киһи сүрэҕэр Таҥара баар, онон кини Таҥараны кытта өрүү бииргэ сылдьар.
Иисус Мессия буоларын итэҕэйэр киһи Таҥараттан төрөөбүт; оттон Төрөппүтү таптыыр киһи Киниттэн Төрөөбүтү эмиэ таптыыр.
Итиэннэ Таҥара Уола кэлэн, биһиги дьиҥнээх Таҥараны билэрбит, Кини Уолун Иисус Христоһу кытта бииргэ буоларбыт туһугар, биһиэхэ сырдыгы, өйдүүр кыаҕы биэрбитин эмиэ билэбит. Кини баар дьиҥнээх Таҥара уонна бараммат олох.