Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




1 Иоанн 2:17 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

17 Бу дойду имэҥниин-кыдьыктыын симэлийэ сүтүөҕэ, оттон Таҥара көҥүлүн толорор киһи үйэлэр тухары олоруоҕа.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




1 Иоанн 2:17
28 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Сир-халлаан суола суох симэлийиэҕэ, оттон Мин тылым симэлийиэ суоҕа.


Бу аньыылаах дойду сиэрин-майгытын батыһымаҥ, ол оннугар Таҥара көҥүлүн, Кини тугу үтүө, сөптөөх, эҥкилэ суох үчүгэй диирин билэр туһугар, өйдүүн-санаалыын төрдүттэн уларыйыҥ.


бу аан дойду дьарыгын дьарыктанааччылар дьарыктаммат курдук буолуохтаахтар. Ол тоҕо диэтэххэ, бу билиҥҥи аан дойду өр барыа суоҕа.


Таҥара көҥүлүн толорон, эрэннэриллибити ыларга эһигиттэн улахан тулуур эрэйиллэр.


Ким Таҥара көҥүлүн толорор, ол Мин быраатым, балтым уонна Ийэм буолар».


Таҥара эһиги ыраас буоларгытыгар, содурдук быһыыламмаккытыгар баҕарар.


Оттон Мин биэрэр уубун иһэр киһи үйэ-саас тухары утатыа суоҕа. Мин биэрэр уум киниэхэ киирэн, бараммат олоххо сүүрүгүрэ устар дьүүктэ уута буолуоҕа».


Эйиэхэ, ыраахтааҕыларга кыайыыны бэлэхтээччигэ, кулуккун Давиды кыырыктаах кылыстан быыһааччыга.


Миигин: „Тойонуом! Тойонуом!“ – диэччи эрэ барыта Халлаан Саарыстыбатыгар киирбэт – Мин Халлааннааҕы Аҕам көҥүлүн толорооччу эрэ онно киириэҕэ.


Эһигини бэл сарсын туох күүтэрин билбэккит буолбат дуо? Эһиги олоххут диэн тугуй? Быстах кэмҥэ тахса түһэн баран, уостан хаалар паар буолбатах дуо?


Бу – Халлаантан түспүт килиэп. Кини эһиги өбүгэлэргит сиэбит маанналарын курдук буолбатах: кинилэр сиэн да баран өлбүттэрэ, оттон бу килиэби сиир киһи үйэлэр тухары олоруоҕа».


Кинилэртэн хайалара аҕатын көҥүлүн толорбутуй?» «Бастакыта», – диэн хоруйдаабыттара. «Кырдьыгы этэбин, – диэбитэ Иисус, – түһээн хомуйааччылар уонна содур дьахталлар эһиги иннигитигэр Таҥара Саарыстыбатыгар киирэн эрэллэр.


туохха барытыгар махтана сылдьыҥ: Христос Иисуһу итэҕэйэр олоххутугар Таҥара эһигиттэн оннугу эрэйэр.


Эһиэннэриттэн Епафрас, Иисус Христос кулута, эһиэхэ эҕэрдэтин ыытар. Эһиги бары өттүнэн ситэн-хотон, Таҥара көҥүлүн хото толорор дьон буолан, сүһүөххүтүгэр бигэтик тураргыт туһугар, кини өрүү туруулаһан туран үҥэр.


Күүстээх силлиэ түһүө да, сидьиҥнэри имири сотуоҕа, оттон кырдьыксыт үйэ-саас тухары тулхадыйыа суоҕа.


Дьэ ол иһин, итини истибит күммүтүттэн ыла, эһиги тускутугар Таҥараҕа үҥэрбитин быспакка, Кини эһиэхэ бары муудараһы, духуобунай өйү-санааны кытта Бэйэтин көҥүлүн толору билэр кыаҕы биэрэригэр көрдөһөбүт.


Кини көҥүлүн тутуһуон баҕарар киһи бу үөрэх Таҥараттан кэлбитин дуу, эбэтэр Мин Бэйэбиттэн үөрэтэрбин дуу билиэҕэ.


Эрэлим Айыы Тойон диэбитиҥ, Үрдүктэн Үрдүгү дурда-хахха туттубутуҥ иһин,


Элбэх да дьиктини, Айыы Тойон Таҥарам, Эн оҥороҕун, элбэҕи да, биһиэхэ анаан, торумнуугун! Ким Эйиэхэ тэҥнэһиэҕэй! Төһө да ону иһитиннэрэ, кэпсии сатаабытым иһин, киһи барытын ситэн ааҕар кыаҕа суох.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ