18 Ол иһин биһиги, мин Павел, эһиэхэ хаста даҕаны тиийэ сылдьыахпытын баҕарбыппыт эрээри, сатана мэһэйдэһэн испитэ.
Иисус эппитэ: «Киэр буол Миигиттэн, сатана! Суруллан турар: „Айыы Тойон Таҥараҕар сүгүрүй итиэннэ Киниэхэ эрэ сулууспалаа“ диэн».
Бырааттарыам, эһиги билиэххитин баҕарабын: атын норуоттарга курдук эмиэ тиийэн туох эмэ туһаны аҕалаары, эһиэхэ барардыы элбэхтик санаммытым гынан баран, билиҥҥэ да диэри үгүс мэһэйи көрсөбүн.
Дьэ субу туһуттан бэрт элбэхтик мэһэйдэтэн эһиэхэ тиийбэккэ хаалбытым.
Аны билигин бу бэйэм суруйан эрэбин: миигиттэн, Павелтан – эҕэрдэ.
оттон эһиги бэл Фессалоникаҕа кытта (биирдэ эрэ буолбатах) кыһалҕабын толуйан миэхэ көмө ыыппыккыт.
Аны бу бэйэм суруйан эрэбин: Павелтан эҕэрдэ. Хаайыыга сытарбын өйдүү сылдьыҥ. Таҥара илгэлээх үтүөтэ эһигинниин бука барыгытыныын эҥээрдэһиэхтин. Аминь.
Мин, Павел, бу эҕэрдэбин бэйэм суруйабын. Бу хас биирдии сурукпар бэлиэм буолар:
эйигин таптыыр буоламмын, көрдөһөрбүн ордоробун. Ким да буолбатах, мин, Павел кырдьаҕас, оттон билигин Иисус Христос хаайыылааҕа,
Тулуйуохтаах эрэйгиттэн куттаныма. Адьарай эһигини холоон көрөөрү, сороххутун хаайыыга бырахтарыаҕа. Уон күн устата эһиги эрэйи-муҥу көрүөххүт. Өлүөххэр диэри, Миэхэ бэриниилээх буол, оччоҕо Мин эйиэхэ кыайыыҥ иһин Олох мэнньиэһин биэриэҕим.