Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




1 Фессалоника христианнарыгар 1:7 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

7 Инньэ гынан Македониялаах Ахайя итэҕэйээччилэригэр бука барыларыгар холобур буоллугут.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




1 Фессалоника христианнарыгар 1:7
14 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

дьиэлэнэр үөһээҥҥи хосторугар тахсыбыттара. Бу Петр, Иаков, Иоанн, Андрей, Филипп, Фома, Варфоломей, Матфей, Алфей уола Иаков, Симон Зилот итиэннэ Иаков быраата Иуда этилэр.


онтон Филиппыга тиийбиппит. Филиппы – Рим холуонньата, Македония уобалаһын киин куората. Бу куоракка биһиги хас да күн буолбуппут.


Павел Афиныттан Коринф куоракка барбыта;


Галлион Ахайя уобалаһын баһылыга буолбутугар, иудейдар куомуннаһан, Павелы тутан ылан, суукка аҕалбыттара уонна:


Павел, манна барытын бүтэрэн-оһорон баран, Македониялаах Ахайянан Иерусалимҥа барарга быһаарыммыта. «Онно сылдьан баран, Рим куораты эмиэ көрүөхтээхпин», – диирэ.


Македониялаах Ахайя христианнара Иерусалимнааҕы дьадаҥы бырааттарбытыгар көмө ыытарга быһаарыммыттара.


Таҥара Коринф куораттааҕы сиэркэбигэр итиэннэ Ахайя устун олорор сибэтиэйдэргэ бука барыгытыгар – Таҥара көҥүлүн хоту Иисус Христос Апостола буолбут Павелтан уонна бырааккытыттан Тимофейтан.


Көмөлөһөргө эһиги өрүү бэлэмҥитин билэбин; Македония дьонугар эһиги тускутунан «Ахайя өссө былырыыҥҥыттан бэлэм» диэн хайҕанан кэпсэнэбин; онон эһиги көмөлөһөргө күүстээх баҕаҕыт үгүс дьону көҕүлээтэ.


Айыы Тойон тыла эһигиттэн Македонияҕа, Ахайяҕа эрэ тарҕаммыт буолбатах, эһиги Таҥараҕа итэҕэлгит туһунан сурах сир-сиргэ барытыгар тарҕанна, онон биһиги кинилэргэ кэпсиирбит да наадата суох.


Македония устун баар бырааттаргытыгар барыларыгар амарах сыһыаннааххытын биһиги билэбит. Ол да буоллар, бырааттарбыт, эһигиттэн өссө ордук ситиһиилэниҥ,


Эйигин ким да эдэргин диэн сэнээбэтин: итэҕэйээччилэргэ тылгынан-өскүнэн, олоххунан, тапталгынан, ис тыыҥҥынан, итэҕэлгинэн уонна ырааскынан холобур буол.


Туохха барытыгар үтүөнү оҥоруу холобурун бэйэҕинэн көрдөр, үөрэтэргэр истиҥ-иһирэх, дуоспуруннаах буол;


Эһиги харалтаҕытыгар бэриллибит үөргэ тойорҕообокко, бэйэҕитинэн туохха барытыгар холобур буолуҥ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ