Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -




Марк 9:1 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Иисус эппитэ: «Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: бу манна турааччылартан сорохторо, өлөр өлүү амтанын билбэккэ да сылдьан, Таҥара Саарыстыбата улуу күүстээхтик кэлбитин көрүөхтэрэ».

Faic an caibideil Dèan lethbhreac




Марк 9:1
13 Iomraidhean Croise  

Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: бу манна турааччылартан сорохторо Киһи Уола Ыраахтааҕы буолан кэлэрин көрө иликтэринэ, өлүөхтэрэ суоҕа».


Дьэ оччоҕо халлааҥҥа Киһи Уолун бэлиэтэ көстүөҕэ; Киһи Уола сүдү күүстэнэн, албан аатыран былыттарга уйдаран иһэрин көрөн, сир норуоттара бары, муҥур уһукка киирэн, ытаһыахтара.


«Киһи Уола албан аатыран кэллэҕинэ, сибэтиэй Аанньаллар эмиэ бары Кинини кытта кэллэхтэринэ, килбиэннээх бүрүстүөлүгэр олоруоҕа,


оччоҕо Киһи Уола сүдү күүһүрэн, албан аатыран былыттарга уйдаран иһэрин көрүөхтэрэ.


Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: субу көлүөнэ ааһа илигинэ, бу эппитим барыта буолуоҕа.


Кини, Айыы Тойон Христоһун көрө илигинэ, өлүө суохтааҕын туһунан Сибэтиэй Тыынтан эрдэттэн билэр этэ.


Эһиэхэ этэбин: Таҥара Саарыстыбата кэлиэр диэри, Мин аны виноград арыгытыттан испэппин».


Мин Саарыстыбабар эһиги Миигинниин биир остуолга аһыаххыт, бүрүстүөлгэ олорон Израиль уон икки аҕатын ууһун дьүүллүөххүт».


Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: манна турааччылартан сорохторо, өлөр өлүү амтанын билбэккэ да сылдьан, хайыы-үйэ Таҥара Саарыстыбатын көрүөхтэрэ».


Бу кэнниттэн ол үөрэнээччи өлбөт үһү диэн тыл кинилэр ортолоругар тарҕаммыта. Ол эрээри Иисус Петрга кини өлүө суоҕа диэн эппэтэҕэ, «Кини, Мин кэлиэхпэр диэри, баар буолуон баҕарар буоллахпына, онно эн тугуҥ кыһалҕатай?» диэбитэ.


ол эрээри хас биирдии киһи туһугар Таҥара илгэлээх үтүөтүнэн олоҕун толук уураары, Аанньаллартан быстах кэмҥэ намтатыллыбыт Иисус, өлөр өлүү сорун-муҥун тулуйбутун иһин, албан аакка, үрдүк чиэскэ тиксибитин көрөбүт.


Lean sinn:

Sanasan


Sanasan