6 Иисус мустубут дьону сиргэ олордон баран, сэттэ килиэби ылан Таҥараҕа махтаммыта, уонна тоһуталаан үөрэнээччилэригэр биэрбитэ; кинилэр ону олорор дьоҥҥо түҥэппиттэрэ.
Аһыы олордохторуна, Иисус килиэби ылан алҕаан баран, тоһутан үөрэнээччилэригэр түҥэппитэ уонна: «Маны ылан сиэҥ: бу Мин Этим-сииним», – диэбитэ.
«Оттон сэттэ килиэби түөрт тыһыынча киһиэхэ үллэрбиппэр ордугун хас корзинаны хомуйбуккутуй?» «Сэттэни», – дэспиттэрэ.
«Эһиги төһө килиэптээххитий?» – Кини ыйыппыта. «Сэттэ», – диэбиттэрэ.
Кинилэргэ өссө аҕыйах балык баара; ону Кини алҕаан баран, эмиэ үөрэнээччилэригэр биэрэн дьоҥҥо үллэртэрбитэ.
Тойонноро кэлэригэр сэргэх олорбут кулуттар алгыстаахтар. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: тойонноро бэйэтэ курданан баран, кинилэри остуол тула олордон, ас тэрийэн аһатыа.
Аһаары олорбуттарыгар килиэби ылан алҕаан баран, тоһутан кинилэргэ биэрбитэ.
Ийэтэ чаҕардарга: «Эһиги Кини тугу этэр да, ону толоруҥ», – диир.
Ол ыккардыгар Айыы Тойон алҕаабыт килиэбин сиэбит сирдэрин аттыгар Тивериадаттан эбии атын оҥочолор кэлитэлээбиттэрэ.
Ханнык эрэ күнү ордук суолталыыр киһи Айыы Тойон туһугар суолталыыр, оттон суолталаабат киһи – Айыы Тойон туһугар суолталаабат. Ким аһыыр, ол Таҥараҕа махтанан, Айыы Тойон туһугар аһыыр, ким аһаабат, ол эмиэ Таҥараҕа махтанан, Айыы Тойон туһугар аһаабат.
Тугу да гыммыккыт иһин – тылгыт буоллун, дьайыыгыт буоллун – барыта Кининэн Аҕа Таҥараҕа махтанан туран, Айыы Тойон Иисус Христос аатыгар буолуохтаах.