2 «Дьону аһынабын, – диэбитэ Кини. – Миигин кытары бииргэ сылдьыбыттара хайыы-үйэ үс хонно; аһыахтарын иһин, туохтара да суох.
Эн үөһээҥҥи уораҕайгыттан хайаларга ардаҕы кутаҕын; сир Эн үлэҥ түмүгүнэн дуоһуйар.
Айыы Тойон көрбөтү көрөр оҥорор, Айыы Тойон бүк түспүтү көннөрөр, Айыы Тойон көнө дьону таптыыр.
Иисус кытылга тахсан, элбэх дьон турарын көрөн аһынан, ыарыһахтары үтүөрдүбүтэ.
Иисус аһынан харахтарын таарыйаатын, иккиэн сонно харахтарынан көрөр буолан хаалбыттара уонна суол устун Кинини батыһан барбыттара.
Үтүмэн үгүс киһи, маныыһыта суох бараан үөрүн курдук, үрэллэн, сырата-сылбата быстан сылдьарын Кини аһына көрбүтэ.
Иисус ыарыһаҕы аһынан, илиитин уунан таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ.
ону Кини көҥүллээбэтэҕэ. «Дьиэҕэр, дьоҥҥор баран Айыы Тойон эйигин аһынан, тугу оҥорбутун кэпсээ», – диэбитэ.
Онон оҥочоҕо бэйэлэрэ эрэ олорон, ким да билбэтинэн иччитэх сиргэ устубуттара.
Иисус оҥочоттон тахсан, көй үгүс киһи мустубутун көрөн, маныыһыта суох барааннар курдуктарын иһин, аһыммыта, онон кинилэри элбэххэ үөрэтэн барбыта.
Дьиэлэригэр аччык ыыттахпына, аны суолга сэниэлэрэ быстыа. Сорохторо бэрт ыраахтан кэлбиттэр».
Оҕобун өлөрөөрү, элбэх төгүл ууга да, уокка да түһэрэ сатаабыта; Эн тугу эмэ кыайан оҥоруох буоллаххына, биһигини аһын, көмөлөс».
Уонна туран аҕатыгар барбыт. Аҕата кини иһэрин ыраахтан көрөн, аһынан, уолугар утары сүүрэн тиийбит, моонньуттан кууһан ылан уураабыт.
Айыы Тойон огдообону көрөн аһынан: «Ытаама», – диэбитэ уонна
Дьэ ол иһин, Кини Таҥара иннигэр амарах сүрэхтээх эрэллээх Архиерей буолан, норуот аньыытын-харатын бырастыы гыннарар туһугар, бырааттарыгар бары өттүнэн дьүөрэлэһиэхтээх этэ.
Кини – биһиги туспутугар кыһаллар-мүһэллэр Архиерей – мөлтүүр-ахсыыр кэммитигэр биһигини аһынар-харыһыйар кыахтаах, Кини эмиэ биһиги курдук бары өттүнэн тургутууну ааспыта, арай атына диэн аньыыны-хараны оҥорботоҕо.
Кини, бэйэтэ эмиэ мөлтүүр-ахсыыр киһи буолан, билбэт-көрбөт, муна-тэнэ сылдьар дьону аһынар кыахтаах,