Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -




Марк 8:11 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

11 Онно Киниэхэ фарисейдар кэлэн мөккүһэн барбыттара. Кинилэр Иисуһу тургутан көрөн, халлаантан дьикти бэлиэтэ көрдөр диэн модьуйаллара.

Faic an caibideil Dèan lethbhreac




Марк 8:11
27 Iomraidhean Croise  

Онуоха сорох сокуонньуттар уонна фарисейдар Киниэхэ: «Үөрэтээччи! Эн биһиэхэ дьикти бэлиэни көрдөрүөххүн баҕарабыт», – диэбиттэрэ.


Фарисейдар кэлэннэр, Кинини үтэн-анньан көрөн ыйыппыттара: «Киһи ойоҕуттан ханнык баҕарар сылтаҕынан арахсарын Сокуон көҥүллүүр дуо?»


Онтон Таҥара Дьиэтигэр киирэн үөрэтэ турдаҕына, Киниэхэ архиерейдар уонна норуот аҕа баһылыктара кэлэн эппиттэрэ: «Эн ханнык быраапкынан итинник быһыыланаҕын? Эйиэхэ итинник быраабы ким биэрбитэй?»


Фарисейдар баран хайдах гынан Иисуһу тылыттан иҥиннэрэр туһунан сүбэлэспиттэрэ.


Иисус кинилэр оҕуруктаах санааларын билэн эппитэ: «Сирэй көрбөхтөр, тоҕо Миигин үтэн-анньан көрөҕүт?


Ол күн Киниэхэ өлбүттэр тиллэллэрин билиммэт саддукейдар кэлбиттэрэ. Кинилэр маннык ыйытыылаахтара:


Иисус, кинилэр кубулуналларын билэр буолан: «Миигин тоҕо холоон көрөҕүт? – диэбитэ. – Миэхэ динарийда аҕалан көрдөрүҥ».


Сокуонньуттар, фарисейдар Иисус аньыылаахтары уонна түһээн хомуйааччылары кытта бииргэ аһыырын көрөн, үөрэнээччилэригэр: «Хайдах бу Кини түһээн хомуйааччылары уонна аньыылаахтары кытары бииргэ аһыырый?» – диэбиттэрэ.


«Туох туһунан кинилэри кытта мөккүһэҕитий?» – диэн ыйыппыта Иисус үөрэнээччилэриттэн.


Биир сокуонньут Иисуһу холоон көрөн: «Үөрэтээччи! Бараммат олоххо тиксэр туһугар, мин тугу гыныахтаахпыный?» – диэн ыйыппыта.


атыттара буоллаҕына Иисуһу холоон көрөн, Халлаантан дьикти бэлиэтэ көрдөр диэн модьуйбуттара.


«Туох эмэ бэлиэни, дьиктини көрө иликкитинэ, эһиги итэҕэйиэххит суоҕа», – диэбитэ Иисус киниэхэ.


«Биһиги көрөн итэҕэйэрбит туһугар, Эн биһиэхэ туох дьикти бэлиэни көрдөрүөххүн сөбүй? – кинилэр ыйыппыттара. – Туох эмэ дьиктини оҥорон көрдөрүөҥ дуо?


Аҕа баһылыктартан, фарисейдартан ким эмэ Кинини итэҕэйбитин эһиги көрбүккүт дуо?


Кинилэр Иисуһу буруйдуур сылтах көрдөөн, үтэн-анньан көрөн итинник эппиттэрэ. Иисус кинилэргэ кыһаллыбакка умса нөрүйэн, тарбаҕынан сиргэ тугу эрэ суруйа олорбута.


«Бу туох буолан эһиги Айыы Тойон Тыынын холоон көрөөрү кигистигит? – диэбитэ Петр. – Көр, бу эргин харайан киирдилэр, эйигин эмиэ таһаарыахтара».


Кинилэр сорохторо Христоһу үтэн-анньан көрбүттэринии, биһиги Кинини оннук үтэн-анньан көрөр буолумуоҕуҥ; кинилэр инньэ гына сылдьан эриэн үөннэргэ тиктэрэн өлбүттэрэ.


Lean sinn:

Sanasan


Sanasan