8 Оттон сорох сиэмэ, өҥ сиргэ түһэн, ас кутан элбээн тахсыбыт: сороҕо отут, сороҕо алта уон, сороҕо сүүс төгүл үрдүк үүнүүнү биэрбит».
Үтүө буорга ыһыллыбыт сиэмэ – ол этиллибит тылы истэр уонна өйдүүр буолан, өлгөм үүнүүнү биэрэр дьон: ким сүүс, ким алта уон, ким отут төгүл үрдүгү».
оттон атын сиэмэтэ, өҥ сиргэ түһэн, сороҕо сүүс төгүл, сороҕо алта уон, сороҕо отут төгүл өлгөм үүнүүнү биэрбит.
Оттон өҥ буорга ыһыллыбыт сиэмэ – истибит тылларын ылынар дьон; кинилэр отут, алта уон, сүүс оччонон үрдүк үүнүүнү биэрэллэр».
Сорох сиэмэтэ хатыылаах эрбэһин быыһыгар түбэспит, онон хатыылаах эрбэһин саба үүнэн, бу сиэмэ астамматах.
Кини бу домоҕун түмүктээн эппитэ: «Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!»
оттон өҥ буорга ыһыллыбыт сиэмэ – ол Таҥара тылын истэр уонна истибит тылларын үтүөкэн, ыраас сүрэхтэригэр иҥэрэ сылдьан, бары ыарахаттары тулуйан туран итэҕэйэр дьон». Маны кэпсээн баран Кини: «Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!» – диэн саҥа аллайбыта.
Сороҕо өҥ буорга түһэн сүүс төгүл үрдүк үүнүүнү биэрбит». Маны кэпсээн баран: «Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!» – диэн саҥа аллайбыта.
Мин умнаспын, оттон эһиги лабааларгыт. Миэхэ баар киһи, Мин эмиэ киниэхэ буоллахпына, элбэх аһы биэрэр. Эһиги Миигинэ суох тугу да гынар кыаххыт суох.
Кини көҥүлүн тутуһуон баҕарар киһи бу үөрэх Таҥараттан кэлбитин дуу, эбэтэр Мин Бэйэбиттэн үөрэтэрбин дуу билиэҕэ.
Маннааҕылар Фессалоника дьонунааҕар быдан сайаҕас этилэр: Таҥара тылын ис сүрэхтэриттэн ылынан, бу этиллибит төһө чахчылааҕын билээри, күн аайы Суруйуулары ырыталлара.
Кини дьиэни бүттүүнүн чиҥник ыпсаран холбоон, дьиэ Айыы Тойон сибэтиэй храма буола дьэндэйэ үүнэн иһэр.
Иисус Христос көмөтүнэн кырдьык өлгөм үүнүүтүн ылан, Таҥараны албан аатырдаргыт, айхаллатаргыт туһугар үҥэбин.
Эһиэхэ тиийбит Евангелиены истэн, Таҥара илгэлээх үтүөтүн дьиҥнээхтии билбит күҥҥүтүттэн ыла бу тыл, эмиэ эһиги олоххутун уларыппытын курдук, бүтүн аан дойду устун дьон олоҕун уларыта, тэнийэ-тарҕана турар.