21 Итиэннэ Иисус кинилэргэ эппитэ: «Сибэтиилинньиги уматан баран, иһитинэн саба уураары, аҕалаллар дуу, орон анныгар туруораары дуу? Олоҕор туруораары аҕалаллар буолбатах дуо?
Сибэтиилинньиги эмиэ, уматан баран, тугунан да саба уурбакка, олоҕор туруораллар, оччоҕо сырдыга дьиэ иһинээҕи дьоҥҥо барытыгар тыгар.
Ким даҕаны сибэтиилинньиги уматан баран, түгэх муннукка эбэтэр иһит анныгар кистии уурбат, киирээччилэр сырдыгы көрдүннэр диэн, олоҕор туруорар.
«Ким да сибэтиилинньиги уматан баран, иһитинэн саба уурбат, орон анныгар туруорбат, ол оннугар, киирээччилэр сырдыгы көрдүннэр диэн, олоҕор туруорар.
Барыларыгар туһалаах буоллун диэн, хас биирдии киһиэхэ Тыын ураты көстүүтэ бэриллэр.