9 Иисуһу инниттэн-кэнниттэн арыаллаан иһээччилэр хаһыытаһа испиттэрэ: «Осанна! Айыы Тойон аатыгар Кэлэн Иһээччи алгыстаах!
Иисус иннигэр-кэннигэр иһэр дьон халыҥ халҕаһалара: «Осанна Давид Уолугар! Айыы Тойон аатыгар Кэлэн Иһээччи алгыстаах! Осанна мэҥэ халлааҥҥа!» – диэн хаһыытаһаллара.
Мин эһиэхэ этэбин: „Айыы Тойон аатынан Кэлэн Иһээччи алгыстаах!“ дии иликкитинэ, эһиги Миигин көрүөххүт суоҕа».
Үгүстэр суолга таҥастарын тэлгииллэрэ, сорохтор үүнэн турар мас лабааларын быһан ылан уураллара.
пальма лабааларын туппутунан Кинини көрсө тахсыбыттара. Кинилэр: «Осанна! Израиль Ыраахтааҕыта, Айыы Тойон аатыгар кэлэн иһээччи алгыстаах!» – диэн хаһыытаһаллара.
«Киэр гын, киэр гын! Кириэскэ тиир – Кинини!» – диэн үөгүлэспиттэрэ. «Ыраахтааҕыгытын кириэскэ тиирэбин дуо?» – диэбитэ Пилат. Архиерейдар хардарбыттара: «Биһиги императортан атын ыраахтааҕыбыт суох!»