12 Нөҥүө күнүгэр, Вифанияттан тахсыбыттарыгар, Кини аччыктаан кэлбитэ;
Иисус түөрт уон түүннээх күн устата постанан баран, тиһэҕэр, аһыан олус баҕаран кэлбитэ.
хойуу сэбирдэхтээх смоковница турарын ыраахтан көрөн, биир эмэ отону булаайамый диэн, чугаһаан кэлбитэ даҕаны, смоква хомуллар кэмэ илик буолан, сэбирдэхтэн биир да отону булбатаҕа.
Сарсыарда эрдэ били смоковница аттынан ааһан иһэн көрбүттэрэ, мас силиһигэр тиийэ хатан хаалбыт этэ.
Онно Кинини түөрт уон хонук устата адьарай тургутан көрбүтэ; ол тухары Кини тугу да аһаабатаҕа, онтон тиһэҕэр дьэ аччыктаабыта.
Бу кэнниттэн Иисус барыта хайыы-үйэ туолбутун билэр буолан, Суруйууларга этиллибит ситэрин туһугар: «Утаттым», – диэбитэ.
Дьэ ол иһин, Кини Таҥара иннигэр амарах сүрэхтээх эрэллээх Архиерей буолан, норуот аньыытын-харатын бырастыы гыннарар туһугар, бырааттарыгар бары өттүнэн дьүөрэлэһиэхтээх этэ.