3 «Оттон Моисей эһиэхэ тугу ыйбытай?» – диэбитэ Иисус.
Фарисейдар кэлэн Кинини холоон көрөн: «Эр киһи ойоҕуттан арахсара көҥүллэнэр дуо?» – диэн ыйыппыттара.
«Моисей дьахтарга арахсар суругу биэрэн баран, арахсары көҥүллээбитэ», – диэн хоруйдаабыттара.
Биир сокуонньут Иисуһу холоон көрөн: «Үөрэтээччи! Бараммат олоххо тиксэр туһугар, мин тугу гыныахтаахпыный?» – диэн ыйыппыта.
Эһиги Суруйуулары ааҕан, бараммат олоххо тиксиэхпит диигит, ол иһин барытын кыһаллан туран чинчийэҕит. Оттон Суруйуулар Мин туспунан туоһулууллар эбээт.
Эһиги, Сокуон бурҕалдьытын кэтиэххитин баҕарааччылар, этиҥ эрэ миэхэ: ама эһиги Сокуон этэрин истибэккит дуо?