Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -




Марк 1:1 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Таҥара Уола Иисус Христос туһунан Евангелие саҕаланыыта.

Faic an caibideil Dèan lethbhreac




Марк 1:1
23 Iomraidhean Croise  

Айыы Тойон ыйааҕын Мин иһитиннэриэм: Кини эттэ: «Эн Миэхэ Уолум буолаҕын, Мин бүгүн Эйигин төрөттүм;


«Дьиҥ чахчы Эн Таҥара Уолаҕын!» – оҥочоҕо олорооччулар бука бары Киниэхэ сүгүрүйбүттэрэ.


Маны этэн бүтэ илигинэ, эмискэ сандаархай былыт кэлэн кинилэргэ сыдьаайбыта, былыт быыһыттан саҥа дуораһыйбыта: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум; Кинини истиҥ!»


Дьэ онуоха Халлаантан: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум», – диир саҥа иһиллибитэ. 3


Кинини тургутар адьарай кэлэн: «Эн Таҥара Уола буоллаххына, бу таастары килиэпкэ кубулуйуҥ диэн бирикээстээ», – диэбитэ.


«Эйиэхэ халлаантан Сибэтиэй Тыын түһүөҕэ, Үрдүк Таҥара күүһэ сайыаҕа, – диэбитэ Аанньал, – онон Эн төрөтөр Сибэтиэй Оҕоҥ Таҥара Уола диэн ааттаныаҕа.


Тыл Киһи буолан Киниэхэ толору баар илгэлээх үтүөнэн, кырдьыгынан сыдьаайан, биһигини кытта олорбута, онон биһиги Кини кэрэмэн килбиэнин, Аҕа Төрөппүт соҕотох Уолун килбиэнин, көрбүппүт.


Мин ону көрбүт буолан, Таҥара Уола бу Кини диэн туоһулуубун!»


«Равви! – Нафанаил саҥа аллайа түһэр. – Эн Таҥара Уолунаҕын, Израиль Ыраахтааҕытынаҕын!»


Оттон бу суруллубут барыта – Иисус Мессия, Таҥара Уола буоларын итэҕэйэргит итиэннэ итэҕэйэҥҥит Кини аатынан Олоххо тиксэргит туһугар, сурулунна.


Таҥара бу аан дойдуну ол курдук таптаан, Бэйэтин Төрөппүт Соҕотох Уолун, Кинини итэҕэйэр ханнык баҕарар киһи өлбөтүн, бараммат олохтонорун туһугар, биэрбитэ».


Эн Христос, Тыыннаах Таҥара Уола буоларгын биһиги итэҕэйдибит да, биллибит да».


Кини кэлиэн аҕай иннинэ, Иоанн Израиль норуотун бүтүннүүтүн аньыыны билинии бэлиэтигэр сүрэхтэнэргэ ыҥырбыт.


Биһиги сатарыйбыт эт-хаан айылҕабыт утарылаһарыттан мөлтөөбүт Сокуон кыайан оҥорботоҕун Таҥара оҥорбута: Кини Бэйэтин Уолун киһи аньыылаах этигэр-сиинигэр холоонноох этттээн-сииннээн дьон аньыытын боруостуур сиэртибэҕэ ыыппыта, онон Кини киһиэхэ дьайа сылдьар аньыыга бүтэһиктээх бириигэбэр таһаарбыта.


Кини, Бэйэтин Уолун харыһыйбакка биһиги туспутугар толук биэрбит Таҥара, Уолун кытта атыны барытын биһиэхэ хайдах бэлэхтиэ суоҕай?


Lean sinn:

Sanasan


Sanasan