Иаков 5:11 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ11 Билэргит курдук, биһиги тиһэҕэр диэри тулуйбут дьону алгыстаахтар диэн ааттыыбыт. Иов эрэйи-муҥу хайдах тулуйбутун туһунан эһиги истибиккит, итиэннэ амарах сүрэхтээх, аһыныгас санаалаах Айыы Тойон киниэхэ тиһэҕэр хайдах сыһыаннаспытын эмиэ билэҕит. Faic an caibideil |
Оччотугар, биллэн турар, Айыы Тойон бэриниилээх дьону аньыы угаайытыттан хайдах быыһыыры, оттон суута-сокуона суохтары, ордук эт-сиин түктэри кыдьыгар ылларбыттары, Айыы Тойон былааһын билиммэт, баламат, таптаабыттарынан аам-дьамаан сылдьар, үөһээҥҥилэри үөҕэртэн саллыбат дьону, Дьүүл Күнэ үүнэн буруйданыахтарыгар диэри, хайдах тутары-хабары билэр.