Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -




Иаков 2:19 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

19 Эн Таҥара биир диэн итэҕэйэҕин. Бэрт сөп, абааһылар эмиэ итэҕэйэллэр, бэл кутталларыттан салыбырас буолаллар.

Faic an caibideil Dèan lethbhreac




Иаков 2:19
31 Iomraidhean Croise  

Онуоха АЙЫЫ ТОЙОН киниттэн: «Хайа бу эн туох да олус абардыҥ дуу?» – диэн ыйыппыта.


Дьэ онно Таҥара киниттэн иккиһин: «Хайа бу эн үүнээйи туһуттан туох да олус абардыҥ дуу?» – диэн ыйыппыта. «Наһаа абардым! – диэбитэ Иона. – Хомойон өлө сыстым!»


«Таҥара Уола, Иисус, Эн биһиэхэ тугуҥ кыһалҕатай? – диэн иккиэн хаһыытаспыттара. – Эн биһигини манна кэмин иннинэ сордуу кэлбиккин!»


«Һуой, Эн биһиэхэ тугуҥ кыһалҕатай, Назарет Иисуһа? – диэн хаһыытаабыта. – Биһигини үрэйэ кэлбиккин! Эн Кимҥин билэбин: Эн Таҥара Сибэтиэйинэҕин!»


Иисус киниэхэ эппитэ: «Кэриэстэртэн саамай суолталаахтара – „Иһит, Израиль! Биир эрэ Айыы Тойон баар – биһиги Айыы Тойон Таҥарабыт;


күөмэйин муҥунан: «Эн миэхэ тугуҥ кыһалҕатай, Иисус, Үрдүк Таҥара Уола? – диэн үөгүлээбитэ. – Таҥара туһугар Эйигиттэн ааттаһабын, миигин муҥнаама!»


Итиэннэ өссө эппитэ: «Бэйэ үгэһин тутуһаары, Таҥара кэриэһин көтүрэри эһиги бэркэ сатыыгыт.


«Һуой, Эн биһиэхэ тугуҥ кыһалҕатай, Назарет Иисуһа? Биһигини үрэйэ кэлбиккин! Кимҥин мин билэбин, Эн Таҥара Сибэтиэйэҕин!»


Эйигин, соҕотох дьиҥнээх Таҥараны, уонна Эн ыыппыт Иисус Христоскун билии – бу баар бараммат олох.


Кини Павелы уонна биһигини батыһа сылдьан: «Бу дьон Үрдүктэн Үрдүк Таҥара кулуттара! Кинилэр биһиэхэ быыһанар суолу иһитиннэрэллэр!» – диэн хаһыытыыра.


Ол гынан баран, куһаҕан тыын кинилэргэ хардарбыт: «Иисуһу мин билэбин, Павелы да билэбин, оттон эһиги кимнээхтэргитий?»


Ол эрээри Павел кинилэргэ кырдьыгы тутуһан олоруу, бэйэни кыатаныы уонна кэнэҕэс Дьүүл туһунан кэпсиириттэн дьиксинэн: «Чэ, бар, бүгүн сөп буолуо. Кэлин бириэмэлэннэхпинэ, ыҥыртара сылдьыам», – диэбитэ.


Таҥара биир эрэ, Кини быһыллыбыт да, быһыллыбатах да омугу, итэҕэйдэхтэринэ, хайаларын да буруйдарыттан быыһыыр.


Онон, эмэгэккэ сиэртибэлэммит эт туһунан. Аан дойду эмэгэттэрэ туох да суолтата суохтарын, биир Таҥараттан ураты атын Таҥара суоҕун биһиги билэбит.


биһиги биир эрэ Таҥара Аҕалаахпыт: туох барыта Киниттэн төрүттээх, биһиги эмиэ олохпутун Киниэхэ анаан олоробут; итиэннэ биир эрэ Айыы Тойон баар – Иисус Христос, туох барыта Кининэн төрүттэммитэ, биһиги эмиэ Кининэн олоробут.


Ол эрээри илии охсуһар икки өрүт баар эрэ буоллаҕына, тиксэрээччи тоҕоостоох, оттон Таҥара соҕотох.


Тоҕо диэтэххэ, Таҥара биир, киһи аймаҕы Таҥараны кытта ситимнээччи эмиэ биир – бар дьон туһугар Бэйэтин толук биэрбит Киһи – Христос Иисус. Бу туһунан Таҥара тустаах кэмигэр туоһулаабыта.


Өскөтүн эһиги Суруйууларга этиллибит «Чугастааҕыгын, бэйэҕин таптыырыҥ курдук, таптаа» диэн үрдүкү сокуону толорор буоллаххытына, үтүө суолу тутуһаҕыт.


Былыр-былыргыттан бу Дьүүлгэ анаммыт, Таҥараны билиммэт дьон биһиги кэккэбитигэр биллибэтинэн-көстүбэтинэн өтөн киирдилэр. Кинилэр содур олохторун көмүскэнэн, Таҥарабыт илгэлээх үтүө тапталын токурутан кэпсииллэр, соҕотох Улуу Баһылык Таҥараны, Айыы Тойоммутун Иисус Христоһу, билиммэттэр.


оттон дьоһун былаастарын харыстаабакка, олорор эйгэлэрин хаалларан барбыт аанньаллары, Дьүүл улуу Күнэ үүнүөр диэри, алларааҥҥы им-балай түгэҕэр үйэлэр тухары сыаптаан сытыарар.


Оттон кинилэри албынныы сылдьыбыт адьарайы тутан ылан, кыыл уонна сымыйа пророк быраҕыллыбыт умайа турар сиэрэлээх күөлүгэр элиппиттэрэ. Кинилэр үйэлэр тухары түүннэри-күннэри быыстала суох муҥу-сору көрүөхтэрэ.


Lean sinn:

Sanasan


Sanasan