Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -




Иаков 2:12 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

12 Эһиги тылгыт-өскүт, быһыыгыт-майгыгыт, тугу гынаргыт барыта көҥүл Сокуонунан дьүүллэниэхтээх дьон сиэринэн буолуохтаах.

Faic an caibideil Dèan lethbhreac




Иаков 2:12
8 Iomraidhean Croise  

«Айыы Тойон Тыына Миэхэ баар – Кини Миигин елей арыынан аҕаабыта, дьадаҥыларга Үөрүүлээх Илдьити иһитиннэртэрэ, самныбыт санаалаахтары үтүөртэрэ, билиэн барбыттарга босхолонууну, хараҕа суохтарга харахтаныыны биллэртэрэ, баттаммыттары өрө көтөхтөрө, Айыы Тойон айылгылаах үтүөкэн дьыла салаллан кэлбитин иһитиннэртэрэ Кини Миигин ыыппыта».


Эһиги кырдьыгы билиэххит, оччоҕо кырдьык эһигини босхолуо».


Бэйэ-бэйэҕит сүгэһэрдэргитин сүксүһэн Христос сокуонун тутуһуҥ.


Онон, бырааттарыам, тугу дьиҥнээх, чиэһинэй, үтүө, ыраас, кэрэ, биһирэбиллээх диэбиккитин эрэ саныыр буолуҥ.


Тугу да гыммыккыт иһин – тылгыт буоллун, дьайыыгыт буоллун – барыта Кининэн Аҕа Таҥараҕа махтанан туран, Айыы Тойон Иисус Христос аатыгар буолуохтаах.


Оттон киһиэхэ көҥүлү биэрэр эҥкилэ суох сокуон ис дьиҥин сыныйан өйдүүр уонна ону толорор киһи умнуган истээччи буолбатах, кини истибит тылын толорор, онон тугу гынарыгар барытыгар алгыстаах буолуо.


Өскөтүн эһиги Суруйууларга этиллибит «Чугастааҕыгын, бэйэҕин таптыырыҥ курдук, таптаа» диэн үрдүкү сокуону толорор буоллаххытына, үтүө суолу тутуһаҕыт.


Lean sinn:

Sanasan


Sanasan