Иаков 2:1 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Бырааттарым! Килбиэннээх Айыы Тойоммутун Иисус Христоһу итэҕэйэр дьон сиэринэн эһиги киһиэхэ барытыгар биир тэҥ үтүө сыһыаннаах буолуҥ. Faic an caibideil |
Биир итэҕэллээхпитинэн дьиҥ уолум буолар Титкэ – Таҥара кулута, Иисус Христос Апостола Павелтан. Эйиэхэ Аҕа Таҥарабытыттан уонна Быыһааччыбытыттан – Айыы Тойон Иисус Христостан бары илгэлээх үтүөнү кытта аһыныгас санаа, эйэ-ил тосхойо туруохтун! Таҥара талбыт дьонун итэҕэл, кырдьыгы билии, бэриниилээх буолуу суолугар сирдиирим, сүрэхтэригэр бараммат олоххо эрэли уһугуннарарым туһугар, Кини миигин бу сулууспаны толорторо ыыппыта. Сымыйаны эппэт Таҥара бараммат олоҕу өссө хайа да үйэ үөскүөн инниттэн эрэннэрэн баран, туһааннаах кэмэ кэлбитигэр, Бэйэтин тылын Быыһааччы Таҥарабыт соруйуутунан миэхэ эрэниллибит итэҕэл тылынан арыйан биэрбитэ.