Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -




Иаков 1:9 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

9 Биир итэҕэллээх дьадаҥы бырааттарбыт – Таҥара кинилэри үрдэтэриттэн үөрүөхтээхтэр,

Faic an caibideil Dèan lethbhreac




Иаков 1:9
25 Iomraidhean Croise  

Дууһам Эйиэхэ ыга сыһынна, Эн күүстээх илииҥ миигин өйөөтө.


Ким дьадаҥыны үөҕэр, ол кинини Айбыты үөҕэр; ким куһаҕантан үөрэр, ол иэстэбилтэн куотуо суоҕа.


Акаарытын аанньа буор сымыйаччы баайдааҕар иҥэ-дьаҥа суох дьадаҥы быдан ордук.


баһылыктары бүрүстүөллэриттэн суулларда, намыһахтары өрө таһаарда.


Эһиги биһиэхэ тыыннар бас бэринэллэр диэн үөрүмэҥ, хата ол оннугар ааппыт-суолбут Халлааҥҥа суруллубут диэн үөрэр буолуҥ».


Бэйэтин үрдүктүк сананар киһи – намтыаҕа, сэмэйдик сананар киһи – үрдүөҕэ».


уонна эппитэ: «Ким бу оҕону Мин ааппар ылынар, ол Миигин ылынар; оттон ким Миигин ылынар, ол Миигин Ыыппыты ылынар. Ким барыгытыттан кыра – ол барыгытыттан улахан буолуоҕа».


Оттон Таҥара оҕолоро буоллахпытына, ол аата Кини нэһилиэнньиктэрэбит, Христоһу кытта бииргэ нэһилиэстибэ ылабыт – Кинини кытта бииргэ эрэйдэнэр буоллахпытына, Кинини кытта бииргэ кэрэмэн килбиэҥҥэ тиксиэхпит.


хомотоллор эрээри, өрүү үөрэ-көтө сылдьабыт; дьадаҥыбыт эрээри, үгүстэри байытабыт; туохпут да суох эрээри, барытын бас билэбит.


сыалбар – Таҥара биһигини Христос Иисуһунан ыҥыртарбыт Халлааннааҕы наҕараадатыгар – дьулуһабын.


Дьиҥ быһыллыбыттар – бу биһиги, Таҥараҕа Тыын күүһүнэн сулууспалыыр, Христос Иисуһунан киэн туттар уонна эт-сиин тас бэлиэтигэр эрэммэт дьон буолабыт.


Оттон эһиги талыллыбыт аймах – Ыраахтааҕы дьиэтин кэргэнэ, Таҥара үлэһиттэрэ, сибэтиэй норуот, эһигини хараҥаттан килбиэннээх сырдыгар ыҥырбыт Таҥара үтүөкэн дьайыыларын биллэрэргэ талыллыбыт Кини Бэйэтин тус дьоно – буолаҕыт.


Эн бары дьайыыгын, эрэйи-муҥу көрөргүн, дьадаҥыгын (дьиҥэр эн баайгын), иудейдарбыт дэнээччилэр эйигин холуннаралларын билэбин; кинилэр иудейдар буолбатахтар, сатана муспут дьонноро буолаллар.


Lean sinn:

Sanasan


Sanasan