Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -




Иаков 1:24 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

24 кини күлүгүн көрүнэ түһэн баран – тэйдэ да, сонно дьүһүнүн-бодотун умнан кэбиһэр.

Faic an caibideil Dèan lethbhreac




Иаков 1:24
8 Iomraidhean Croise  

Дьон бэркиһээбиттэрэ: «Кини кимий? Тоҕо Киниэхэ тыал да, муора да бас бэринэрий?»


Истибит эрэ барыта итини тойонноон: «Бу оҕоттон туох эрэ тахсар?» – диэн кэпсэтэрэ. Айыы Тойон алгыстаах илиитэ кинини араҥаччылыыра.


Иисуһу ыҥырбыт фарисей маны көрөн, иһигэр санаабыта: «Бу олорооччу чахчы Пророк эбитэ буоллар, хайа сүрдээх-кэптээх дьахтар Кини атаҕын таарыйарын билиэхтээх этэ. Бу аньыылаах дьахтар буолбаат!»


Таҥара тылын истэр эрээри, толорбот киһи сиэркилэҕэ көрүнэр киһи курдук:


Оттон киһиэхэ көҥүлү биэрэр эҥкилэ суох сокуон ис дьиҥин сыныйан өйдүүр уонна ону толорор киһи умнуган истээччи буолбатах, кини истибит тылын толорор, онон тугу гынарыгар барытыгар алгыстаах буолуо.


Туох барыта ити курдук урусхалланыахтаах эбит буоллаҕына, уотунан күлүбүрээбит халлаан сүтүөхтээх, куйаар бары эттиктэрэ умайан ууллуохтаах күннэрэ – Таҥара Күнэ – кэлэрин баҕаран туран кэтэһээччилэр, эһиги, Таҥараҕа бэриниилээх сибэтиэй олоххутугар хайдахтаах буолуох тустааххытый?


Lean sinn:

Sanasan


Sanasan