Biblia Todo Logo
Bìoball air-loidhne

- Sanasan -




Иаков 1:2 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

2-3 Бырааттарыам, итэҕэлгитин тургутуу тулууру үөскэтэрин билэн туран, эһигини холоон көрөр араас ыарахаттар күһэйдэхтэринэ, ону барытын улуу үөрүүнэн көрсөр буолуҥ.

Faic an caibideil Dèan lethbhreac




Иаков 1:2
21 Iomraidhean Croise  

Апостоллар, Айыы Тойон Иисус аатын иһин кыһарыллар дьолго тиксибиттэриттэн үөрэн-көтөн, синедрионтан тахсан барбыттара.


Итинэн эрэ буолбатах, эрэй-кыһалҕа тулууру үөскэтэрин билэр буолан, эрэйи көрөрбүтүнэн эмиэ хайҕанабыт.


Христос туһугар эһиэхэ Кинини итэҕэйэр эрэ кыах буолбакка, Кини туһугар эрэйдэнэр кыах эмиэ бэриллибитэ.


Мин хааным эмиэ, эһиги Таҥараҕа биэрэр сиэртибэҕитин ситэрэн, Киниэхэ бэриллэр бэлэх буолан тохтуохтаах да эбит буоллаҕына, мин онтон үөрэбин эрэ, эһигинниин бииргэ үөрсэбин.


Доҕотторуом, эһиги эмиэ бу туһуттан үөрүҥ, мин үөрүүбүн үллэстиҥ.


Билигин эһиги тускутугар эрэйи көрөрбүттэн үөрэбин эрэ: мин Христос көрсүбүт эрэйин эппинэн-хааммынан билэммин, Кини Этэ-сиинэ буолар Сиэркэп туһугар тулуйуллуохтаах эрэй-муҥ ситэ илик мээрэйин толорон биэрэбин.


мин хаайыыга сыттахпына, эһиги миэхэ кэлэн кыһалҕабын үллэстибиккит, баайгытын-дуолгутун тутан ылбыттарыгар, Халлааҥҥа итиннээҕэр быдан ордук бараммат баайдаахпыт диэн билэр буолаҥҥыт, сүтүккүтүн үөрэ-көтө аһарбыккыт.


Аньыыга анньар моһоллору тулуурдаахтык туораабыт киһи алгыстаах: оннук киһи тургутууну тулуйан баран, Айыы Тойон Кинини таптыыр дьоҥҥо биэриэх буолан эрэннэрбит олоҕун мэнньиэһин ылыаҕа.


Онон, таптыыр бырааттарым, бэйэҕитин албыннанымаҥ.


Онон, таптыыр бырааттарым, хайаҕыт да истэргэ чуор, саҥарарга бытаан, уордайарга нэс буолуохтаах.


Билэргит курдук, биһиги тиһэҕэр диэри тулуйбут дьону алгыстаахтар диэн ааттыыбыт. Иов эрэйи-муҥу хайдах тулуйбутун туһунан эһиги истибиккит, итиэннэ амарах сүрэхтээх, аһыныгас санаалаах Айыы Тойон киниэхэ тиһэҕэр хайдах сыһыаннаспытын эмиэ билэҕит.


Оччотугар, биллэн турар, Айыы Тойон бэриниилээх дьону аньыы угаайытыттан хайдах быыһыыры, оттон суута-сокуона суохтары, ордук эт-сиин түктэри кыдьыгар ылларбыттары, Айыы Тойон былааһын билиммэт, баламат, таптаабыттарынан аам-дьамаан сылдьар, үөһээҥҥилэри үөҕэртэн саллыбат дьону, Дьүүл Күнэ үүнэн буруйданыахтарыгар диэри, хайдах тутары-хабары билэр.


Тулуйуохтаах эрэйгиттэн куттаныма. Адьарай эһигини холоон көрөөрү, сороххутун хаайыыга бырахтарыаҕа. Уон күн устата эһиги эрэйи-муҥу көрүөххүт. Өлүөххэр диэри, Миэхэ бэриниилээх буол, оччоҕо Мин эйиэхэ кыайыыҥ иһин Олох мэнньиэһин биэриэҕим.


Lean sinn:

Sanasan


Sanasan