13 Аньыы угаайытыгар киирэн биэрээччи «Миигин Таҥара угуйар» диэбэтин: Таҥара куһаҕаҥҥа умсугуйбат уонна кими да аньыыга уккуйбат.
Иисус киниэхэ эппитэ: «Суруйууларга „Айыы Тойон Таҥараҕын тургутан көрүмэ“ диэн эмиэ баар».
Аньыыга анньар моһоллору тулуурдаахтык туораабыт киһи алгыстаах: оннук киһи тургутууну тулуйан баран, Айыы Тойон Кинини таптыыр дьоҥҥо биэриэх буолан эрэннэрбит олоҕун мэнньиэһин ылыаҕа.
Ханнык баҕарар киһи бэйэтин аньыылаах баҕатын батыһан, ол умсулҕаныгар ылларан, аньыы угаайытыгар киирэн биэрэр;
Бырааттарыам, итэҕэлгитин тургутуу тулууру үөскэтэрин билэн туран, эһигини холоон көрөр араас ыарахаттар күһэйдэхтэринэ, ону барытын улуу үөрүүнэн көрсөр буолуҥ.