Саалтыр 95 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Ыллааҥ Айыы Тойоҥҥо саҥа ырыаны; ыллаа Айыы Тойоҥҥо, сир үрдэ бүттүүнэ. 2 Ыллааҥ Айыы Тойоҥҥо, алҕааҥ Кини аатын; күн аайы иһитиннэриҥ Кини биһигини быыһаабытын. 3 Биллэриҥ норуоттарга Кини кэрэмэн килбиэнин, бары омуктарга – Кини оҥорор эҥин дьиктитин. 4 Айыы Тойон улуу, онон улуу айхал Киниэхэ ананыахтаах; Кини хайа да таҥаратааҕар ытыктаныахтаах. 5 Норуоттар таҥаралара бука бары – эмэгэттэр, оттон Айыы Тойон халлааннары айбыта. 6 Кини тулата – кэрэмэн килбиэн, сүдү көстүү; Кини сибэтиэй Дьиэтин иһэ – сүҥкэн күүс, кэрэ дьүһүлгэн. 7 Айхаллааҥ Айыы Тойону, норуоттар уустара, айхаллааҥ Айыы Тойон кэрэмэн килбиэнин, улуу кыаҕын. 8 Айхаллааҥ Айыы Тойон албаннаах аатын; бэлэххитин илдьэ кэлиҥ, киириҥ Кини тиэргэнигэр. 9 Сүгүрүйүҥ Айыы Тойоҥҥо Кини сибэтиэй сыдьаайыгар; титирэстээ, сир үрдэ бүттүүнэ, Кини иннигэр! 10 Омуктарга этиҥ: «Айыы Тойон – Ыраахтааҕы! Ол иһин аан дойду бигэ, тулхадыйыа суоҕа. Кини норуоттары кырдьыктаахтык дьүүллүөҕэ». 11 Үөрүөхтүннэр халлааннар, өрөгөйдүөхтүн сир; барылыы тыаһаатын байҕал уонна онно баар барыта; 12 көрү-нары тардыахтын сыһыы уонна онно баар барыта. 13 Ойуур маһа барыта үөрүөхтүн Айыы Тойон иннигэр. Кини кэлэн иһэр, сири дьүүллүү, кэлэн иһэр. Кини аан дойдуну көнөтүк дьүүллүөҕэ, норуоттары Бэйэтин кырдьыгынан көрүөҕэ. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia