Саалтыр 86 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Корей уолаттарын псалома. Ырыа. 1 Корей уолаттарын псалома. Ырыа. Кини олохтообут куората сибэтиэй хайа үрдүгэр турар. 2 Айыы Тойон Иерусалимы Иаков хайа да түөлбэтинээҕэр таптыыр. 3 Кэрэхсэбиллээх да суол эн тускунан этиллэр, Таҥара куората! Села 4 Миигин билэр норуоттары ааттыырбар Египеттээх Вавилону эмиэ ааттыаҕым; Филистия, Тир, Эфиопия дьоно эмиэ: «Маннык киһи онно төрөөбүтэ», – диэхтэрэ. 5 Оттон Сион туһунан этиэхтэрэ: «Ол да, бу да киһи сибэтиэй хайаҕа төрөөбүттэрэ; Үрдүктэн Үрдүк Сиону Бэйэтинэн бөҕөргөппүтэ». 6 Айыы Тойон норуоттар биэрэпистэригэр: «Маннык киһи онно төрөөбүтэ», – диэн суруйуоҕа. Села 7 Оччоҕо ырыаһыт да, үҥкүүһүт да барыта этиэҕэ: «Эн бааргын биһиэхэ бары үтүө төрдө!» |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia